ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

күрэт

туохтуур

Нууччалыы уводить, отправлять, угонять кого-л. тайком, скрытно, тихо

1 туохтуур #

Кимтэн эмэ кистээн атын сиргэ илдьэ бар, кистээн куоттар

Нууччалыы Уводить, отправлять, угонять кого-л. тайком, скрытно, тихо

  • Хайдах гыммыт киһи бу дьахтары күрэтиэй?
    Н. Неустроев
  • Кырдьык, быраатым диэн ис сүрэххиттэн этэр буоллаххына, миигин кыһылларга күрэт.
    С. Ефремов
  • Санааҕа-онооҕо баттатыма, бүтэрэн кэбис, Уолчааҥҥын күрэт, уоран аҕал, манна аҕал да, бүттэҕэ ол дии
    В. Гаврильева

2 туохтуур #

Тугу эмэ хаайан ханна эмэ үүрэн киллэр; үүр

Нууччалыы Загонять кого-что-л. куда-л.; гнать

  • Оҕордук Быргый, ыкса киэһээҥҥэ диэри балык күрэтэн, ыаҕаһын толору бултаан баран, бүтэн, туубун манна быһыппар уган кээһэрим дуу, хайыырым дуу диэн саныы турда.
    Күндэ
  • Биһиги Алексей Елисеевичтыын, үһүөн көрсүө муҥутаан, балыгы төлө көтөн куоппатын диэн, ордук-хоһу саҥата-иҥэтэ, айдаана суох, аргыый аллара күрэтэн истибит.
    Н. Заболоцкай
  • Кини от быыһыгар кирийбит кустары күрэтэрэ. Я. Козак (тылб.)

«К» буукуба