ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тобох

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы остаток пищи или чего-л. [Дьаакып кинээс:] Кини [судаарыскай] миинин тобоҕун, килиэбин бытархайын хоруоскалаан сиэн эрдэхтэрэ дии

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

Ханнык эмэ аһылык, утах эбэтэр туох эмэ бүппэккэ хаалбыт ордуга, хаалбыта

Нууччалыы Остаток пищи или чего-л. [Дьаакып кинээс:] Кини [судаарыскай] миинин тобоҕун, килиэбин бытархайын хоруоскалаан сиэн эрдэхтэрэ дии

  • Эмиэ мин санаабын билбиттии Чүмэчим тобоҕо хараарар.
    П. Тобуруокап
  • Ньоҕохтоох кытахтан дьоллонон Тар үөрэ тобоҕун булара.
    Эрилик Эристиин
  • Мааны Маппый бөппүрүөскэтин тобоҕун сиргэ быраҕан хам үктээтэ
    П. Аввакумов

2 аат тыл #

Аҕа, ийэ ууһун удьуора, ордон хаалбыт ыччата

Нууччалыы Последний из рода

  • Күн бүгүнүгэр диэри тобохторо – ыччаттара олороллор үһү.
    Саха фольк
  • Ол уон биир оҕоттон соҕотоҕун ордубут аҕа ууһун тобоҕо ити Николай Никитич чаҕылыҥныы турар
    Н. Босиков
  • Ыалга бүтэһик төрөөбүт оҕо, ыал кырата. Θ Последний ребёнок в семье, последыш. Тоҕус оҕо тобоҕо буоламмын ийэлээх аҕам -- ынахтарын үүтүн миэхэ иһэрдэллэрэ, булбуттарын сыыһын муннубар анньаллара
    Аргыс
Өссө холобурдар (3)

3 аат тыл #

Урут баар буола сылдьыбыт ким, туох эмэ ордуга, ордон хаалбыта

Нууччалыы То, что осталось от кого-чего-л. прежде существовавшего

  • Туох аанньа тахсыай ол биһигиттэн, быстан эрэр былыргы көлүөнэ тобоҕуттан.
    Н. Лугинов
  • Тоҕус үйэ тухары тойуктаах ойуун тобоҕо этим.
    И. Федосеев
  • Эпоска ийэ ууһунан олоруу тобоҕо баара эмиэ ыйыллар. Эрчимэн. Булуҥтан бандьыыттар тобохторо күрээбиттэр.
    ВН СС

4 даҕааһын #

суолт. Туохтан эмэ ордон хаалбыт, тиһэх

Нууччалыы Оставшийся от чего-л., последний, остаточный

5 этии #

Тобох күөллэр геогр. – муора уутуттан быстан хаалбыт күөллэр МНА ФГ. Тобох харамайдар биол. – уруккута киэҥник тарҕана сылдьыбыт, оттон билигин ханна эмэ ордон хаалбыт харамайдар. Животные или растительные организмы, сохранившиеся как пережитки древних эпох, реликты. Тобох харамайдар тустарынан кинигэни аахтым. Ср. алт. томык ʻостаткиʼ, бур. тобог ʻтруха, мелочьʼ

Нууччалыы Остаточные озёра. [Тобох күөллэр] Ява арыыга, Курильскай арыыларга, Камчаткаҕа элбэхтэр

«Т» буукуба