ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

минньит

туохтуур

Нууччалыы подсластить; приправить для вкуса

1 туохтуур #

Тугу эмэ эбэн ас амтанын минньигэс оҥор, сытын тупсар

Нууччалыы Подсластить; приправить для вкуса

  • Сиидэр Тэрэнтэйэбис, чэйэ төһө да үүттээх буоллар, саахары дэлэччи кутан өссө минньитэр идэлээх
    П. Аввакумов

2 туохтуур #

Үөрт, киһи санаатын көнньүөрт

Нууччалыы Радовать, поднимать настроение

  • Айылҕа барахсан кэрэ сыта сүрэҕи минньитэр, түөһү эппэтэр.
    Күннүк Уурастыырап
  • Уол имигэс тарбахтара -- үрүҥ хара тимэхтэри баттыалаатаҕын аайы сүрэххэ сылаас, дууһаны минньитэр эриэккэс дорҕооннор эйээрэ тарҕанан бараллар.
    П. Аввакумов
  • [Филипп:] Бу дьарапылаан тыаһа барахсан куугунаан сүрэхпин минньитэргэ дылы гынар ээ
    С. Ефремов

3 этии #

Нууччалыы Давать пустые обещания, говорить для красного словца

Этиилэр

Айаххын минньит көр айах I

  • "Сылайдаххына айаххын минньитээр, мэ, тоойуом, сыаҥаан быара," - диэтэ оҕонньор.
    Н. Абыйчанин
  • [Маайыс дьэдьэни] Ааттаахтык буспутун, Амтаннааҕын, бөдөҥүн, Амсайан кэриэтэ, Айаҕын минньиттэ.
    П. Дмитриев
Өссө холобурдар (3)
  • Тылгын (уоскун) минньит - тылгынан эрэ оҥорбута буол, олоххо киирбэти эрэннэр Сыалаах тылын минньитэн Сыһыаран эргитэн эттэ.
    С. Васильев
  • Кыаммакка, дьадаҥыга туһалыам дии саныыр киһи аҥаардас өһүөмньүнэн салайтарара, эбэтэр тылын эрэ минньитэрэ тутаҕа бу эпизодтартан арылхайдык көстөр. ФЕВ УТУ. Кураанах баҕа санаанан уоһу минньиппит этибит.
    Баал Хабырыыс
  • Тэҥн. тумсун оҕунуохтаа 1

«М» буукуба