ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

лахсыыр

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы бессодержательная долгая речь, пустые слова

1 аат тыл #

Элбэх тыл, мээнэ элбэхтик саҥарыы, дойҕох

Нууччалыы Бессодержательная долгая речь, пустые слова

  • Дьэ ити көхсүн этиттэр эрэ тохтообот хотун буолуо. Икки хас чаастаах лахсыыр саҕаланна быһыылаах.
    Амма Аччыгыйа
  • [Терентий:] Манна үлэ, оттон онно муҥура биллибэт кэпсэтии лахсыыра. Пьесалар - 1956. Маасса лахсыыртан уонна резолюциялартан хал буолан хаалла, онон быыбарга аанньа кыттыбат, быыбары аахайбат буолла. В. Ленин (тылб.)
  • Олоҕо суох мээнэ тыл, мээнэни саҥарыы. Θ Бессмыслица, вздор, болтовня. Аҕам оҕонньор: "Ити эмээхсин лахсыырын истимэ, эр киһи, эр бэрдэ буоллаҕыҥ, саҥата-иҥэтэ суох ыстанан хаал", - диэтэ.
    Ф. Софронов
Өссө холобурдар (2)
  • "Ээ, ити барыта сымыйа лахсыыр!" - Лариса өһүргэнэн эһиэхэйдэннэ.
    В. Яковлев
  • Ээ, инструкция диэн! Ол бүрүкүрээттэр лахсыырдара. Кинилэр хаһан хонууга үлэлээннэр ону билиэхтэрэй?
    Тумарча

2 даҕааһын #

суолт. Этиигэ сыстыы ситиминэн быһаарыы буоллаҕына: мээнэ элбэх тыллаах, элбэх саҥалаах, дойҕохтоох

Нууччалыы В позиции примыкающего определения: многословный, бессодержательный, вздорный (напр., о речи); любящий много говорить, болтливый

  • Лахсыыр кэпсээн. Лахсыыр киһи.
  • Ити кини акаары уонна аһаҕас лахсыыр киһи эбээт. Н. Островскай (тылб.)

3 этии #

Нууччалыы Шумный разговор, гомон

  • Куба лахсыыр тойук (тыл) фольк. - элбэх саҥа, күүгээн "Дьэ, хайдах гынабыт, сүүс-сүүспүтүттэн аалсыһан, сүбэлэһэн көрүөҕүҥ дуу?!" - дэсиһэн ол улуу дуолаттар, маргыар бөҕөнү түһэрэн, куба лахсыыр тойугун туойбутунан барбыттар.
    Д. Апросимов
  • Кус-хаас лахсыыра кэпс. - туора киһи сатаан ыпсыытын булан өйдөөбөт уһун кэпсэтиитэ, балкыһыыта. Θ Долгая невразумительная речь (или разговор). Ср. туркм. лакгы ‘болтун, пустомеля, пустослов; болтливый’

«Л» буукуба