Перевод с якутского
лоскуй
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы незначительная часть чего-л. цельного, большого; лоскут, клочок, обрывок
1 аат тыл #
Туох эмэ улахан, бүтүн быстаҕа, быстаҕаһа
Нууччалыы Незначительная часть чего-л. цельного, большого; лоскут, клочок, обрывок (напр., материи, бумаги или земли)
Тирии лоскуйа. Ылтаһын лоскуйа. Бааһына лоскуйа. Сарсыныгар, туспа кыһаҕа эмиэ хат уһааран, күүстээх балтаһыттар үөгүлүү-үөгүлүү, тыын быстарынан сүгэ ыһыынан болгуо тимирдэри лоскуйдарга бысталыыллар. ХС Ууллубатах хаар лоскуйдара -- онон-манан күлүккэ тулаайахсыйа маҥхаһаллар Н. Габышев
Өссө холобурдар (2)
Туох эмэ быстах түгэнэ, сороҕо. Θ Отдельный момент, фрагмент, эпизод, кусок (напр., жизни). Өссө "Медный всадник" диэн Пушкин суруйбутун кыра лоскуйу Ньургун биэчэргэ нойосуус аахпыта. Болот Боотур Горняктар олохторуттан аҕыйах лоскуйу кэпсииргэ соруннум ХС
2 даҕааһын #
суолт. Этиигэ сыстыы ситиминэн быһаарыы буоллаҕына: туох эмэ лоскуйа, быстаҕа буолар; кыра
Нууччалыы В позиции примыкающего определения: представляющий собой лоскут, клочок чего-л.; крохотный, маленький
Лоскуй кумааҕы. Лоскуй былыт. Лоскуй сир. Дьадаҥылар лоскуй ходуһаларын дуомугар сүөһүлэрин да кыайан ииппэттэрэ СССБТ