ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сарымтах

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы лоскуток, клочок, торчащий по изорванному краю чего-л

1 аат тыл #

Туох эмэ сарымтыбыта, сарымтыбыт лоскуйа, илдьиркэйэ

Нууччалыы Лоскуток, клочок, торчащий по изорванному краю чего-л

  • Уулусса муннугар тохтоон, кумааҕы афишалар сарымтахтарын самсыы тута-тута ааҕыталаата. Софр. Данилов. Атаҕар таба турбат буола салҕалас буолла, мэктиэтигэр алдьаммыт баата ыстаанын сарымтахтара тыал үрэн эрэринии эйэҥнииллэр.
    И. Никифоров
  • [Микиитэ] хаһыат сарымтаҕын кыбыппыт сиринэн кинигэтин арыйа баттаан, аахпытынан барда
    Амма Аччыгыйа

2 даҕааһын #

суолт. Сарымтыбыт, сарымтаҕас, сириттэҕэс

Нууччалыы Рваный, щербатый, неровный

  • Тэппэй кинини [элиэни] куорсуна түспүт сарымтах кынатынан эндэппэккэ билбитэ.
    Далан
  • Тоҕойго киирээт ыт халлаан мохсоҕолугар имнэппит [сиирэ тэптэрбит] сарымтах кулгаахтара ибигирэһэ түстүлэр, ону-маны сытырҕалаамахтаата.
    Н. Заболоцкай
  • Дьүкээбил уота, дьэргэлгэн кустук араас эгэлгэ өҥүн түһэрэн, халлаан оройун ааһа сарымтах саһарҕалары өрө уһууран тахсааччы
    Г. Колесов
Өссө холобурдар (2)
  • Сарымтах ой (түс) кэпс. - сарымтахтаа диэн курдук. [Ыт мохсоҕолго сиирэ тэптэрбит кулгааҕа] сүүрдэҕинэ уонна Витяны кытта оонньоотоҕуна, сарымтах ойо сылдьар.
    Н. Заболоцкай
  • Оҕолор кинилэри ыраахха диэри батыһан сарымтах ойбуттара. И. Федосеев

«С» буукуба