ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

көмө

аат тыл

Нууччалыы поддержка

English help, assistance, aid, support

1 аат тыл #

Нууччалыы поддержка

English help, assistance, aid, support

  • көмөтө көрдөө
    просить помощиto ask for help

2 аат тыл #

Ким, туох эмэ тугу эмэ гынарыгар эбиилик күүс буолан туһалааһын, туһа буолуу

Нууччалыы Содействие, помощь кому-чему-л. в чем-л

  • Кэнники улаатан ийэтигэр саах күрдьүһэн көмө буолан испитэ.
    Эрилик Эристиин
  • Туораттан көмөтө суох тус бэйэлэрэ эрэ ити мас тоһоҕостор анньыллыбыт ыраас сиргэ хайдах бүтүн хотону тутан таһаарыахтаахтарын салла санаабыттара.
    Н. Лугинов
  • Кыра локомобиль холкуос үлэтигэр ханнык да көмөнү оҥорбот, - диэн туран улахан электростанция туһалааҕын туһунан -- киэҥник тохтоото
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (3)
  • Эбии күүс. Θ Дополнительная помощь, подспорье, подмога. Кини дьаһалыгар этэрээттэн -- аҕыс уонча киһини көмө биэрбиппит.
    Н. Якутскай
  • Биһиги Өлөксөөскө Ньукуу уонна Сэмэнчик диэн маннааҕы оскуола төрдүс группатын бүтэрбит уолаттары көмө биэрдибит.
    А. Бэрияк
  • Ср. тюрк. көмэк, көмэг ‘помощь’

3 этии #

Нууччалыы Первая помощь

  • Бастакы көмө эмп. - соһуччу ыалдьыбыт, оһолго-дэҥҥэ түбэспит киһиэхэ, сүөһүгэ тутатына суһал эмтиир-харыстыыр дьаһаллары туттуу, ылыы Ууттан быыһаабыт киһибитигэр бастакы көмөнү оҥордубут.
  • Табаһыттары ыалдьыбыт табаларга бастакы көмөнү оҥорорго үөрэтэбит. "Кыым". Көмө аат тыл. үөр. -хайааһын предмет хайа өттүгэр буоларын бэлиэтиир, этиигэ туспа чилиэн буолбат аат тыл. Θ Служебное имя. Бүгүн көмө аат көмө туохтууртан уратытын үөрэттибит. Көмө аат этиигэ хаста туттуллубутун ааҕыҥ. Көмө туохтуур тыл. үөр. - бэйэмньи туспа суолтата суох, сыһыаннаһар тылын грамматическай суолтатын (көрүҥүн, кэмин уо. д. а.) көрдөрөр, этиигэ туспа чилиэн буолбат туохтуур. Θ Служебный глагол. Саха тылыгар көмө туохтуурдар балачча үөрэтиллэн эрэллэр.
  • Көмө туохтуур этиигэ туспа чилиэн буолбат буолан, анал ыйытыыламмат. ЧМА СТҮөТ. Көмө тыл тыл. үөр. - этиигэ туспа чилиэн буолбат, аҥаардас грамматическай эрэ суолталаах тыл. Θ Служебное слово. Саха тылыгар көмө тылларга киирэллэр: көмө туохтуурдар, эбиискэлэр, дьөһүөллэр, ситим тыллар. АПС СТЛ. Кэпсиирэ көмө тыла суох аат тылынан эбэтэр ааттар ситимнэринэн бэриллиитигэр туһаан уонна кэпсиирэ икки ардыгар тириэ турар. СТ С. Көмө хаһаайыстыба - ханнык эмэ тэрилтэ, холбоһук этинэн, оҕуруот аһынан уо. д. а. бэйэтин хааччынарыгар эбии гынаары тэрийэр хаһаайыстыбата. Θ Подсобное хозяйство. "Якутгазпром" производственнай холбоһук кэнники кэмҥэ көмө хаһаайыстыбатын сайыннарыыга биллэр үлэни ыытан эрэр. "Кыым". Суһал (түргэн) көмө массыыната - эмискэ ыалдьыбыт эбэтэр оһолго түбэспит киһиэхэ миэстэтигэр уталытыллыбат көмөнү оҥорор эмчиттэри таһар аналлаах массыына. Θ Машина скорой медицинской помощи. Түргэн көмө массыыната Түүн үөһэ ааһыыта Ынчыктаабат да буолбут Ыарахан ыарыһаҕы -- Тэрээпийэ диэн балыыһаҕа Тиэйэн аҕалла наһыылкаҕа.
    М. Тимофеев
Өссө холобурдар (1)
  • Суһал көмө массыыната тоҥон турар. "Кыым"

«К» буукуба