Перевод с якутского
тирэх
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы устойчивость в ногах; опора под ногами
English support, assistance
Ис хоһооно · 12
1 аат тыл #
Киһи, сүөһү, кыыл атаҕар бигэтик үктэниитэ, тирэнэрдээх буолуута
Нууччалыы Устойчивость в ногах; опора под ногами
Биһиги киһибит охсуһаары тарапачыһан көрбүтэ эрээри, сиртэн тирэҕин сүтэрэн салгыҥҥа ыйанан, туһа тахсыбатаҕа. Далан [Курдаһан тустууга] дьиҥнээх туруору күүс, тирэх ордук наадалаах.
Н. ЛугиновТустууга букатын билбэт албаспар түбэспиттии, төбөм иэри-тиэри барда, тирэҕим түөрэҥнээтэ ХС
Өссө холобурдар (2)
Өйөл, тирэх атастар Куоракка, тыаҕа да бааллар. Р. Баҕатаайыскай Тирэх дьоммут диэн – оҕолор уонна оҕонньоттор ХС
2 аат тыл #
Ханнык эмэ тутуу олоҕо, атаҕа
Нууччалыы Опора каких-л. сооружений
Солооһуҥҥа үрдүк күүрүүлээх лииньийэ тирэхтэрэ саҕахха тиийэ көстөллөр. Далан Быһыт ампаар тирэҕин суон бэрэбинэлэртэн бэлэмнээтилэр. М. Доҕордуурап Кыраньыыттан дьиэ акылаатын, күрбэ тирэхтэрин, кирилиэс үктэллэрин оҥороллор СМН АҮө
Өссө холобурдар (3)
Арыыны бэрт табыгастаах тирэх сир оҥостуммуттар. Амма Аччыгыйа Кубань хочолоругар нуучча аармыйатын эбии тирэх кириэппэстэрэ тутуллубуттара. П. Филиппов Сэрэтэр үлэни ыытыыга тирэх пууннар тэрилиннилэр Кыым
3 аат тыл #
Туох эмэ үөскээн, оҥоһуллан тахсарыгар төрүт, оҥкул
Нууччалыы Предварительное условие для чего-л., предпосылка
Архыыптан тирэх ылан, дириҥ ис хоһоонноох, ыраахха ытар түмүктэри кытта оҥорон таһаарыахха сөп. Багдарыын Сүлбэ. Суругунан литература үөскээһинигэр фольклор бөҕө тирэх буолбута. ФЕВ УТУ. Тылдьыты оҥорорго бигэ тирэҕинэн тылдьыт картотеката буолар АПС СТЛ
4 аат тыл #
Кимиэхэ, туохха эмэ олук, төрүт
Нууччалыы База, основа, фундамент (напр., развития), гарантия (напр., здоровья)
Уйбаан учуутал идэтин таларыгар үөрэммит оскуолата тирэх буолбута. ХС Дьиэ кэргэн олоҕо иллээх, эйэҕэс буолуута – дьахтар этэҥҥэ быыһаныытыгар, доруобай оҕо төрүүрүгэр сүҥкэн тирэх. ТЕ
5 аат тыл #
үрд. Тирэнэр бигэ күүс
Нууччалыы Надежная защита, твердыня, оплот
тирээбил 2 диэн курдук. [Барахсаанап:] Сарсын тыһыынчалаах сыбаайбаны оҥоруом, онно дьоммун ынырыам. Ол дьон миэхэ тирэх буолуохтара. С. Ефремов Тулаайах хаалбыт эдьиийбэр тирэх буолаары үөрэммэккэ холкуоска үлэлээбитим. ХС Сайыына эмиэ хаан-уруу балта эрээри, кини тирэх буолар төрөппүттэрдээх. ТТК
Өссө холобурдар (3)
Эйэ тирэҕэ буолан Ийэ сири иилии эргийдэ, Көҥүл күрүөтэ буолан Күн анныгар күлүмнүү оонньоото! С. Зверев Оттон биһиги дойдубут – Тэҥ быраап, күн-көҥүл тирэҕэ. Күннүк Уурастыырап [Волга] Эн кэрэҕиэн чэлгийэҥҥин, Ийэ дойдум тирэҕэ И. Чаҕылҕан
6 даҕааһын #
Кимиэхэ эмэ өйөбүл, күүс-көмө буолар
Нууччалыы Являющийся опорой, оказывающий поддержку
7 даҕааһын #
Туохха эмэ сүрүн, төһүү буолар, тутаах
Нууччалыы Опорный (напр. пункт, крепость)
8 этии #
Нууччалыы Прибегать к чьей-л. помощи, поддержке, воспользоваться чьей-л. помощью
Этиилэр
Тирэх булун
1) кимиэхэ эмэ тугунан эмэ көмөлөһүннэр, туһалат, салҕат Сөдүөччүйэ Микиитэлиин Наҕылга тирэх булуна барар буоллулар. Амма Аччыгыйа; 2) кимиэхэ, туохха эмэ тирэн, кимтэн эмэ өйөбүл ыл.
В чьём-л. лице найти себе опору и поддержку.
"Бу эрэйдээх билигин туох эмэ буоллаҕына Баһылайы ииҥҥэ тэпсэ сатыаҕа", – диэн кэм тирэх булуммут, хайыҥ охсуммут курдук сананна.
П. Ойуунускай[Ньургустаана] дьоһуннаахтык быһаарсарга тирэх булунаары Доҕойдоонобу кытары сэһэргэстэ, кини биһирэбилин ылла. ХС
Тирэҕин сүтэрэр
ким, туох эмэ өйөбүлэ, көмөтө суох буолар.
соотв. терять почву под ногами.
[Дьонун-сэргэтин] олохторун көрбөт-билбэт, кэпсэппэт хайа да баһылык тирэҕин сүтэрэр. Н. Лугинов
9 этии #
Нууччалыы Принять устойчивое положение, чтобы не упасть, найти опору
Этиилэр
Тирэххин булун
охтумаары, сууллумаары бигэтик үктэн, туохха эмэ лаппа тирэн Киһи уҥа хайыһарын аргыый туора халтарытан, тирэҕин булунна уонна тайах маһынан быраҕан кууһуннарда.
Тирэҕин булунна, дөйбүт атыыр оҕус курдук даадаччы тэбиннэ.
Суорун ОмоллоонБөдөҥ таастартан үктэнэн тирэҕин булунар. И. Бочкарёв
Өссө холобурдар (1)
Ср. др. -тюрк. тирэклик ʻподпоркаʼ, тиргүк ʻопораʼ, кирг. тирек ʻподпорка, опораʼ, уйг. тирэк ʻопора, подпорка, подставка; стойка, упорʼ, чув. терек ʻоплотʼ
10 аат тыл #
бот. Дэхси ньуурдаах бороорхой хатырыктаах, уһун синньигэс, сырдык умнастаах, ньолбоҕор килэгир сэбирдэхтээх иирэ, тэтиҥ мастар биистэригэр киирсэр мас
Нууччалыы Тополь. Тирэх Өлүөнэ баһыгар, Өлүөхүмэ, Алдан өрүстэр сүнньүлэринэн үүнэр. Тиит, хатыҥ, харыйа, бэс, сыалаах, тирэх, тэтиҥ – барыта манна чуоҕуһан үүммүттэр. Амма Аччыгыйа. Күһүнү көрсө тирэхтэрим Күлэн-үөрэн тураллар. И. Эртюков. Индигиир эбэ баараҕай хойуу тирэхтэри, тиит мастары бүрүнэн, устан ньиккирии, харылыы сытар. Н. Заболоцкай
11 даҕааһын #
суолт. Тирэхтэн оҥоһуллубут
Нууччалыы Изготовленный из тополя, тополевый
Кини улахан тирэх кырыысалаах кыра хаата диэки бара турбута
Суорун Омоллоон
12 этии #
Нууччалыы Лёгкая на подъём маленькая лодка, изготовленная из тополя
Этиилэр
Тирэх мас көр тирэх II 1
Үтүө-мааны мас тирэх Хараҥаҕа хамсыыра. Күннүк Уурастыырап Тирэх мастаах уулусса Устун киэптии хаамабын. С. Данилов
Өссө холобурдар (1)
Ийэм учуутала кэһиитин тирэх мас оҕотун силистэри түөрэн аҕалбыт этэ. Сэмээр Баһылай.
Тирэх тыы
тирэх мастан оҥоһуллубут, чэпчэки ыйааһыннаах кыра тыы Булчут киһи тирэх тыыга олорон, кыыллар ууга түһэр сирдэригэр тоһуйар.
Сайын тирэх тыылаах Халыма өрүһүгэр балыктыы сырыттаҕына, тыытын ох дьөлө көтөн ааспыт. Н. Якутскай Аакка киирбит түргэн сырыылаах тирэх тыыларга олордон сэрэх киһи Тыгын үс эр бэрдин дьону-сэргэни көрдөрө ыыппыта ырааппыта. "Чолбон". Төннөрүгэр тирэх тыынан Өлүөнэни туораары былаҕайга былдьаппыт. ХС
Өссө холобурдар (1)
Общетюрк. тирек, терек, тирэк