Перевод с якутского
тэбилик
аат тыл
Нууччалыы брус, доска, которыми подпирают что-л., подпорка; доска, в которую упираются ногами (напр., при перетягивании палки), опора
English support
1 аат тыл #
Тугу эмэ тирээбиллиир, туохха эмэ өйөбүл буолар мас; киһи атаҕынан тирэнэригэр аналлаах мас (хол., мас тардыһыытыгар)
Нууччалыы Брус, доска, которыми подпирают что-л., подпорка; доска, в которую упираются ногами (напр., при перетягивании палки), опора
Баар дьон бары сэргэхсийбиттэр, көх-нэм буолбуттар; тардыһар маһы, тэбилик маһы була охсубуттар. Саха сэһ. 1977. Биир хардаҕаһы тэбилик уурбуттара. Күннүк Уурастыырап Тэбилик мастара төлөрүйэн, тохтуу сылдьан баран, иккиһин сылапыһан, [мадьынылар] уһуннук тардыстылар. БН СУ
2 аат тыл #
Тугу эмэ гынарга төрүөт, олох
Нууччалыы Причина, повод к чему-л
Кини [Гаврил Угаров] научнай сабаҕалааһыннарга олоҕуран, онтон тирэх-тэбилик ылан, фантастикаҕа хабааттардык суруйар. П. Аввакумов Прототип диэн ол айымньы геройун айарга төрүөт, олох, тэбилик буолбут киһи ааттанар ХС