ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тэбилин

Нууччалыы попадать из-за кого-чего-л

Ис хоһооно · 6

1 #

тэп диэнтэн атын. туһ. Уол бу араллааҥҥа сүрдээх күүскэ искэ тэбилиннэ. Тэбиллибит киһи тиэрэ барар. Т. Сметанин

2 #

ан эмэ сылтаан куһаҕаҥҥа, иэдээҥҥэ түбэс, киир

Нууччалыы Попадать из-за кого-чего-л. в трудное положение, беду

  • Сороҕор бэрт кыраттан олоҕуҥ устата бараммат иитэ суох иэдээнигэр, аана суох алдьархайыгар тэбиллиэххин сөп.
    И. Гоголев
  • [Арыгыны] иһэн кээһэн ол-бу арааска тэбиллэ сылдьыа.
    В. Иванов
  • Сыыстахпытына, өссө ордук улахан иэдээҥҥэ тэбиллээйэбит. С. Курилов (тылб.)

3 #

ан эмэ (хол., үлэттэн) ууратылын; үүрүлүн

Нууччалыы Быть отстранённым от чего-л.; уволенным откуда-л. (напр., с работы)

  • Урукку кэмҥэ ити да иһин үлэтээҕэр буолуохтан тэбиллиэххэ сөп буолара.
    Н. Лугинов
  • Онон Контоев биир эрэ хотторуулаах [күрэхтэһииттэн] тэбиллэн хаалла
    Сахаада

4 #

Мөлтөх, куһаҕан сиргэ тигис, оннук сиргэ олорорга анаттар

Нууччалыы Получить в долю худую территорию, быть определённым жить в такое место

  • "Быйыл эмиэ хайа үрэх баһыгар тэбиллэбит", – дии-дии, эһээ Егор кумаар сиириттэн сирэйин мырдыҥнатта.
    М. Доҕордуурап
  • Олох будулҕаныгар түбэһэн сир кыраай уһугар тэбиллибит кырдьаҕас саха эрэйдээх мырчыстаҕас сирэйинэн кэмчи таммахтар субуруспуттар
    Чолбон

5 этии #

Этиилэр

Очурга оҕустарымаҥ, көр оҕустар

  • [Манчаары:] Очурга оҕустаран Огдолуйар күммэр, Тэхтиртэн тэбиллэн Тэгэлийэр кэммэр Көмүллүбүт тумулгар Күрээн кэлэ туруом.
    И. Гоголев
  • Очурга охсуллан, тэхтиргэ тэбиллэн, Эрэйгэ-буруйга аргыстыы айааран, Эбэтэр астаах да остуолга тиксиһэн, Атастыы буолбуттар диэн алҕас санаамаҥ. М. Карим (тылб.)

6 этии #

Этиилэр

Иэскэ тэбилин

иэскэ киир (бар) диэн курдук (көр иэс).

  • [Сүтүктээхтэр] иэс-күүс бөҕөҕө тэбиллээхтииллэр.
    Р. Кулаковскай
  • Түмүгэр мин дьонум, үлэлиир тээбирин булуммут уонна аһаабыт ороскуоттарын кыайан толуйбакка, улахан иэскэ тэбиллибиттэрэ. КА СДьДь

«Т» буукуба