ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тэйитилин

Нууччалыы быть отстранённым, снятым

Уһулун, ууратылын (хол., дуоһунастан, үлэттэн)

Нууччалыы Быть отстранённым, снятым (напр., с должности, работы)

  • тэйит диэнтэн атын. туһ. Дьонун-сэргэтин чулуу да, ортолдьун да, мара да араҥатыттан тэйитиллибит, кинилэр олохторун көрбөт-билбэт, кэпсэппэт хайа да баһылык тирэҕин сүтэрэр.
    Н. Лугинов
  • Төрөөбүт төрүт буоруттан, тапталлаах күндү доҕотторуттан тэйитиллэн, сир хоту уһугар үүрүллэн сылдьан тугу санаабыта буолуой?
    И. Сосин
  • Ийэ тылын билбэтинэн төрөөбүт айылҕатыттан тэйитиллибит, онон аҕа көлүөнэлэрин кытары өй-санаа өттүнэн чугасаһар кыаҕын сүтэрбит оҕону киһи аһынар. "Чолбон"
Өссө холобурдар (1)
  • Өрөспүүбүлүкэҕэ хамаанданы аанньа истибэт, бэйэлэрэ туспа төбөлөөх, үчүгэйи айар өйдөөх-санаалаах үгүс салайааччы тэйитиллибитэ
    Чолбон

«Т» буукуба