Перевод с якутского
тап
туохтуур, аат тыл
Нууччалыы попасть в кого-что-л. чем-л
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Тугунан эмэ туохха эмэ түбэһиннэр (хол., быраҕан, ытан)
Нууччалыы Попасть в кого-что-л. чем-л
Өлүү түбэлтэлээх Микиитэ бырахпыт холуоһата учуутал балтын Мааса кыыһы тапта. Амма Аччыгыйа Быраҕан биир кутуйаҕы тапта. Т. Сметанин Сыалы ыраахтан табалларынан барыларыттан Өргөлөй Бэргэн икки Бэрт Хара икки ортулар Чолбон
2 туохтуур #
Сөпкө гын, сөп буоларын курдук оҥор, быһыылан
Нууччалыы Делать что-л. правильно, удачно, верно
Доҕоттоор, миэхэ кимим этиэй, Хаһан мин табарбын, хаһан мин сыыһарбын? С. Данилов Дьон үтүө санаатын итэҕэйэн сырыттаххына, эн тоҕус уон тоҕуста табыаҥ, биирдэ алҕаһыаҥ. Софр. Данилов. Хайабыт сыыһарын, хайабыт табарын бүгүҥҥү күн ыараҥнатан быһаарда ини Сэмээр Баһылай
3 этии #
Нууччалыы Угодить кому-л. чем-л., найти к кому-л. подход. [Мэхээлэ:] Биирдэ санаан көрдөххө, мин оҕонньор эрэ санаатын таптарбын, кырдьыга даҕаны, баайын ханна гыныай
Этиилэр
Мааһын тап көр маас III
Аны хайдах мааһын табан отчуоттуохтааҕын толкуйугар ыга ылларбыта. В. Протодьяконов Оччоҕо эрэ маастарын табаҕын, күндү киһи, мааны ыалдьыт буолаҕын, "атас" аатыраҕын. ХС
Санаатын тап
ким эмэ сөбүлүүрүн, сөпсүүрүн курдук гын, оҥор А.
Софронов. Быһыыта, кыргыттар санааларын табарга оһуобай дьоҕур наада эбит. А. Сыромятникова Ср. др. -тюрк., тюрк. тап ʻнайти, находитьʼ
4 аат тыл #
, кэпс. Утуйар таҥас анал тас хаата
Нууччалыы Специальный чехол, надеваемый на постельные принадлежности: наволочка, пододеяльник, наматрасник
Сыттык таба. Суорҕан таба. Дьон эргэ суорҕан табынан, быыс таҥаһынан тиктибит таҥастара үрэллэн хааллылар. Амма Аччыгыйа Аталаас таптаах кырса тыһа суорҕанын кэтэҕэр тиийэ тардыммыт. Л. Попов
Өссө холобурдар (2)
Адарай ороҥҥо саҥатык таптаах кус түүтэ бэриинэ, сыттык, баата суорҕан суулуу тутан хомуллубут. М. Доҕордуурап Ср. кирг. тап ʻкуски материи или кошмы, предназначенные для сшивания (напр., цветной аппликации)ʼ
5 #
ааһын күүһүрдэр эбиискэтэ, та- диэн саҕаланар олохторго сыстар: тап-табыгырас, тап-тарылас, тап-таһырҕас
Нууччалыы Препозитивная усилительная частица прилагательного, присоединяемая к основам начинающимся на та-: тап-табыгырас ‘сильно стучащий’, тап-тарылас ‘сильно трещащий’, тап-таһырҕас ‘сильно щёлкающий’. [Аттар] туйахтарын тыаһа аспаал суолга тап-табыгырас
Сорохтор окуопа хаһаллар, сорохтор билиндээс туталлар. Тип-тигинэс, тап-таҥынас буолла. И. Никифоров Сүгэлэр чобуо тыастара тап-табырҕас.
Л. ГабышевКирг. тап IV, осм. там