Перевод с якутского
тайаа
туохтуур
Нууччалыы простираться, раскинуться на большую территорию; тянуться, уходить вдаль
English to prop, support, lean
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Киэҥ сири сабардаан, тэнийэ сыт; уһаан, салҕанан бара тур
Нууччалыы Простираться, раскинуться на большую территорию; тянуться, уходить вдаль
Тоҕой Сэлэ сыһыыта харах ылбатынан, көстөөх сиринэн тайаан сытар. Л. Попов Мин нэһилиэгим сүүрбэттэн тахса көһүнэн тайаан олорор киэҥ нэһилиэк этэ. И. Никифоров Киэҥ туундара кубарыйа тэнийэр урсуна ырыых-ыраах тайыыр А. Сыромятникова
2 туохтуур #
Киэҥ сиринэн, ырааҕынан тэлэһийэ сырыт
Нууччалыы Ездить, ходить, покрывая большие расстояния; доходить до отдалённых мест
Тоҕус уоммун тоҥхоччу туоламмын, Тайҕаны баһынан тайаан сылдьаммын Истибитим, көрбүтүм бэрт элбэх.
Суорун ОмоллоонТоҕо, киһи оҕото эрээри, -- киэҥ халлаан кэтит өрөһөтүттэн кэдэрги тайаан кэллиҥ? Эрилик Эристиин [Артыыстар] оннооҕор Бодойбонон тайыыр сурахтаахтара. ДФС КК
3 туохтуур #
Киэҥ эйгэни хабан күүскэ дьай, күүстээх киэҥ сабыдыаллаах буол
Нууччалыы Покрывая обширное расстояние, иметь сильное влияние на население (напр., радиовещание)
Быыпсай илиитэ-атаҕа ырааҕынан тайаан сытарын Кыыс Хотун дьэ билэн эрэр. А. Сыромятникова Араадьыйа улахан күүстээх, хаһыаттааҕар төһө эмэ ордук киэҥник тайыыр. ДФС КК. Майгы-сигили нуормалаһа тайыыр сирдэрэ аһара киэҥ ДИМ
4 туохтуур #
Тирэн, тайан
Нууччалыы Опираться обо что-л
Илиигин остуолга тайаама! ПЭК СЯЯ. Сахам сирэ – Россия уһуга: Илин-хоту эҥээринэн тайаата. Л. Попов Дьиэлэр турбаларыттан тахсар маҥан халлааҥҥа буруолар тайаан, остуолба курдук хороспуттара ХС
5 этии #
Иһинэн тайыыр муннук геом. – эргимтэ иһигэр оҥоһуллубут муннук Иһинэн тайыыр муннук тирэнэр дугатын аҥаарынан кэмнэнэр. КАП Г. Ср. др. -тюрк. тайа ʻприслонять, ставить опоруʼ
Нууччалыы Вписанный угол