ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тай

туохтуур

Нууччалыы энергично замахать крыльями, ударяя по воде или касаясь ногами земли, чтобы взлететь; тяжело взлетать (о птенце или подстреленной птице). [Мохсоҕол] хатан муос тыҥырахтарынан халтарыйа-халтарыйа, хаһыытаан баран, таас устун тайан лачырҕаата

Ис хоһооно · 4
I

1 туохтуур #

Көтөөрү гын, көтүөхчэ буол (уу кырсын эбэтэр сир үрдүн атаҕынан таарыйан кынатынан сапсынар көтөр туһунан); ыараханнык, нэһиилэ көт (көтөр оҕотун, бааһырбыт кус туһунан)

Нууччалыы Энергично замахать крыльями, ударяя по воде или касаясь ногами земли, чтобы взлететь; тяжело взлетать (о птенце или подстреленной птице). [Мохсоҕол] хатан муос тыҥырахтарынан халтарыйа-халтарыйа, хаһыытаан баран, таас устун тайан лачырҕаата

  • Ийэлэрэ кинилэри [кус оҕолорун] лаһыгырыы тайарга, күлүбүрүү көтөргө, устарга, умсарга үөрэтэр
    Н. Габышев

2 туохтуур #

Олус түргэнник, чэпчэкитик сырыт

Нууччалыы Очень быстро и легко передвигаться

  • Уолан эрэт дьонум Унаар тыанан тайан, Көтөлүнэн киллэриҥ Күндү түүлээх бэрдин.
    Д. Апросимов
  • Өссө аллара – күөх күлүктэр, Ой тыалар. Табалар тайаллар, чыычаахтар ыллыыллар. А. Пушкин (тылб.)
  • Ырааҕынан тэлэһийэ, киэҥ сиринэн эргийэ сырыт. Θ Объезжать обширную территорию, колесить. Көмүһү ылыахха, туттуохха айылаах Амырынан тайар атыыһыт диэн, Хайа, мин эрэ да буоллаҕым дии
    Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (3)
  • Кими эмэ туһулаан эрчимнээхтик түс (сытыы уһуктаах сэби этэргэ). Θ Летя, достигнуть кого-чего-л. (напр., об остром холодном оружии). Көхсүн хараҕын үүтүнэн, Көбүөхтүүр сүрэҕинэн Үөрбэ тайан эрдэҕинэ -- Аһара охсон биэрдэ.
    П. Ойуунускай
  • Татаар тыллаах Таба таайбатын Үөрбэ түспэтин, Атара тайбатын.
    П. Ойуунускай
  • Ср. др. -тюрк. тарых ʻподниматься, взбиратьсяʼ, кирг. тай ʻскользитьʼ
II

3 #

саҥа алл

  • Тай, доҕор, оттон оннук сыаналааҕы Тыыҥҥытын да харыстаабакка көрдөөн, Ама буллугут ини.
    С. Зверев
  • Испирдиэҥкэлэри мин иитиэм үһү дуо? Ү– Тай, уонна ким?
    Э. Соколов
  • Ср. алт. таҥ ʻвозглас удивления, изумленияʼ

4 #

Соһуйуу, дьиктиргээһин, кыһыйыы, абааһы көрүү холбоспут күүстээх иэйиини көрдөрөр

Нууччалыы Выражает удивление с оттенком досады, раздражения

«Т» буукуба