ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кылыбырай

туохтуур

Нууччалыы взлетать, порхать, летать стремительно, трепеща крыльями

1 туохтуур #

дьүһ. туохт

  • Сымсаҕай хараҥаччылар -- суйулаһа көтөллөр, өрө-таҥнары хойуостаналлар, кынаттарынан салгыны быһыта суруйан кылыбырайаллар.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Кыайбыты күүтэн кирийэ сыппыт тыһы [хабдьы] букатын кэнники, ыттар суолга киирээри эргийиилэригэр үргэн, кыната кылыбырайа турда.
    Н. Заболоцкай
  • Кынаттаах чуораан-күөрэгэй Кылыбырайан тахсан онно - Халлаан халтаҥ өрөҕөтүгэр Хатыы курдук хатанна
    С. Тимофеев

2 туохтуур #

Түргэн-түргэнник кынаккынан сапсынан, тэтимнээхтик дьирибинэйэн көт (үксүн дьоҕус көтөр туһунан)

Нууччалыы Взлетать, порхать, летать стремительно, трепеща крыльями (обычно о мелких птицах)

3 туохтуур #

Түргэтээтэр түргэтээн мэһэйэ суох сүүрүгүрт, уһун (ыраас уулаах кыракый үрүйэ туһунан)

Нууччалыы Течь стремительно, беспрепятственно (о маленьком ручейке с чистой водой)

  • Кыйыр таас устун сып-сырдык үрүччэ кылыбырайар. Софр. Данилов. Оҕолор ханан баҕарар киэҥник атыллаан туоруур үрүйэлэрэ үөттэри быыһынан кылыбырайа устар.
    П. Аввакумов
  • Уол бэрт өр айаннаан, -- сүүрүгүрэн кылыбырайа сытар дьэп-дьэҥкир уулаах үрэххэ тиийбитэ
    ХС

«К» буукуба