Перевод с якутского
кылыбыраа
туохтуур
Нууччалыы трепетать крыльями
1 туохтуур #
дьүһ. туохт
Кини санаатыгар былыта суох ып-ыраас халлааҥҥа муус маҥан туллук өрө көтөн кылыбыраан таҕыста. Л. Попов [Чыычаах] суһуктуйбат халлааҥҥа Суһугуруу көппүтэ, Кыырпаҕырбат халлааҥҥа Кылыбырыы дайбыта.
Суорун ОмоллоонАрай Хардааччылыы көтөн тахсан Халлаанынан кылыбырыым, Үрдүбүнэн ааһар үөр хаастан Үһүн-түөрдүн тутан ылыым К. Туйаарыскай
2 туохтуур #
Түргэн-түргэнник кынаккынан сапсын, дьирибинэй (чыычааҕы этэргэ)
Нууччалыы Трепетать крыльями (взымая, порхая - о птичке)
3 туохтуур #
Биир тэҥник дьиримнии сүүрүгүр, биир күдьүс долгуннуран дьирибинэй
Нууччалыы Быстро течь, покрываясь ровными мелкими волнами
Бэҕэһээ киэһэ сытарбар кур сэтиэнэҕинэн хагдарыйа сыппыт толоонум -- бүтүннүү килэччи уунан туолан, күлүмүрдэс сүүрээнинэн кылыбырыы сытар. И. Сосин Кыһыл көмүс долгуннар кылыбырыы сырыстылар. Т. Сметанин Муораҕа тиийэр, суолун солонор Кылыбырыыр сүүрээни киртитимэ. Мэлдьи ыраас ууланар дьылҕаланнар Үтүөҕүн төлүөҕэ хаһан эмэ. Агидель к