Перевод с якутского
кылыбыр
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы медиатор, тонкая пластинка, посредством которой извлекаются звуки при игре на некоторых струнных инструментах
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Кыллаах музыкальнай инструменнары (кырыымпаны, мандолинаны о. д. а.) кылын охсон тыаһатарга туттуллар, кыра хаптаҕай муостан, пластмассаттан, ылтаһынтан оҥоһуллар быластыыҥка
Нууччалыы Медиатор, тонкая пластинка, посредством которой извлекаются звуки при игре на некоторых струнных инструментах (мандолина, балалайка)
Таҥсыры тарбаҕынан уонна кылыбырынан оонньотор гына тупсарыахха наада. ХС көннөрү дүҥүртэн атына диэн иһинэн үстэн биэскэ тиийэ кыл тардыылаах буолар. Ону [Кыллаах дүҥүрү] ойуун олбоҕор олорон эрэ кутурарыгар кылыкына эбэтэр кылыбыр диэн чараас кыра ылтаһынынан кылыкынатан оонньуур эбит ХС
2 даҕааһын #
даҕ
Өрүскэҥ сүүрүк сыбаан, Кытылга үүнэн тахсыа Кылыбыр үтүө ымаан [талах] И. Чаҕылҕан
3 даҕааһын #
Көнө, уһун, мутуга суох (мас, талах туһунан)
Нууччалыы Прямой, длинный, без сучков (о дереве, тальнике). [Үөт:] Өрүскэ [сиэмэбин] көҥүл ыытыам
4 даҕааһын #
поэт. Сырдаан, чаҕылыйан көстөр (уу туһунан)
Нууччалыы Светящийся, поблескивающий (о водной глади реки, озера). [Куоҕас] Кылыбыр уу кырсын Кынатынан таһыйда, Хаар маҥан түөһүнэн Халтарыйан барда, Көмүс мөһүүрэ күөлтэн Көтөҕүллэн күөрэйдэ
Е. Васильев Е. Васильев