ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьылҕан

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы малосучковатый, длинный, прямой

Ис хоһооно · 4

1 даҕааһын #

1 даҕ

  • Уһун, кэрэ умнастаах, дьылҕан тииттэр ортолоругар сүүнэ улахан баараҕай тиит барыаран турар.
    Н. Лугинов
  • Сис тыа дьылҕан тииттэрин күөх лабаалара кыра соҕус сиккиэр тыалтан күөгэлдьиһэн нусхалдьыһан хамсыы тураллара.
    Эрилик Эристиин
  • Ол дойду -- Охтон бараммат Уһун дьылҕан мастаах эбит, Уолан көҕүрээбэт Ыраас сүлүүдэ уулаах эбит
    С. Васильев

2 даҕааһын #

Аҕыйах мутуктаах, уһун көнө умнастаах, дьылыгырас (үксүн тутууга барар толуу мас туһунан)

Нууччалыы Малосучковатый, длинный, прямой (об отборной, пригодной для строительства древесине)

3 даҕааһын #

Үрдүк көнө уҥуохтаах, синньигэс (киһи)

Нууччалыы Высокий, прямой, стройный (о человеке)

  • Сулейман бастаан табаарыһыгар, муннун аннынан тор курдук бытыктаах, түөрт уончалаах дьылҕан киһиэхэ, киллэрдэ.
    С. Руфов
  • Анфисаҕа хас да күн биир олус кэрэ сирэйдээх, дьылҕан бэйэлээх кыыс олоро сырытта
    Н. Габышев
  • Хаҥкыл хара тыа Хатан дьылҕана аһылыктаах, Күөх төлөн тыыннаах [уот иччитэ].
    П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (1)
  • Истиэнэлэрэ барыта бэйэ-бэйэлэригэр ыкса кэккэлэтиллибит сулламмыт дьылҕаннар
    Далан

4 аат тыл #

суолт. Уһун көнө умнастаах мутуга суох мас эбэтэр оннук мастан бэлэмнэммит бэрэбинэ

Нууччалыы Длинное, прямое, без сучков дерево или бревно, изготовленное из такого дерева

«ДЬ» буукуба