ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьырыбынаа

туохтуур

Нууччалыы выпускать длинные нежные трели

I

1 туохтуур #

тыаһы үт. туохт. Нарыннык уһуннук "дьыры" диэн курдук тыаһы, саҥаны, дорҕоону таһаар (үксүн күөрэгэй ырыатын туһунан)

Нууччалыы Выпускать длинные нежные трели (обычно о пении жаворонка)

  • Уоскуйуом, утуйуом! Аттыбар турар Арыы тыабар Ырыа чыычаах Ыллаан дьырыбыныырын Истэн сэргэхсийиэм.
    А. Софронов
  • Саха сайынын ырыаһыта – күөрэгэй ханна эрэ кый үөһэ кэрэтик дьырыбыныыр.
    Н. Габышев
  • Маша үөһэ дьырыбыныы ыллыыр чыычааҕы одууласта
    А. Сыромятникова
II

2 туохтуур #

дьүһ. туохт. Түргэн-түргэнник тэлибирии-илибирии хамсанан (сапсынан) көт, (уһун үксүн кыра көтөр, балык туһунан)

Нууччалыы Лететь или плыть быстро, трепеща крыльями или плавниками (обычно о мелких птицах и рыбах)

  • Сааскы күммүт тахсыыта Саха дьиэтин үрдүнэн Көмүс куолас көтөрбүт Көтөн дьырыбынаата
    А. Абаҕыыныскай

«ДЬ» буукуба