ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

акылаат

аат тыл

Нууччалыы фундамент, основание сооружений, конструкций (напр., зданий). [Кирилл:] Өйдөөтүм: акылаат түһэрэн эрэр эбиккит дии

I

1 аат тыл #

тут. Тутуу (хол., дьиэ) турар олоҕо

Нууччалыы Фундамент, основание сооружений, конструкций (напр., зданий). [Кирилл:] Өйдөөтүм: акылаат түһэрэн эрэр эбиккит дии

  • Таайабын: улахан механизированнай хотоҥҥут акылаата дии.
    Л. Попов
  • Биригээдэ атын чилиэннэрэ барабыык акылаатын охсон, суон бэрэбинэлэри үрүт-үрдүгэр хатайдаан таһаараллар.
    Д. Таас
  • Көҥүс түгэҕиттэн биэс-алта миэтэрэ дириҥник аллара хаһан ыпсаран аҕыстыы хос эркиннээн, ампаардыы охсон акылааты түһэрбиттэрэ
    С. Васильев

2 аат тыл #

Туохха эмэ төрүт, тирэх буолар көстүү

Нууччалыы Фундамент (база, основа чего-л.)

  • Оҕолорбут, чэйиҥ, кытаатыҥ, Ууруҥ олохпут акылаатын.
    С. Васильев
  • Тыылга ордук күүркэйэн үлэлээн, кыайыы бөҕө акылаатын түһэрсэргэ күүс-көмө буолуу соруга турар.
    Г. Колесов
  • Билсии бөҕө акылаата ууруллубутун кэннэ, кэлбит хоноһо кус оҕолоох уулары, куруппааскылаах сирдэри аргыый, “олоруохтааҕар” сураспыта буолла
    Н. Заболоцкай
II

3 аат тыл #

Дуоһунаһынан, идэнэн, категориянан о. д. а. көрөн быһыллыбыт ыйдааҕы харчынан төлөбүр кээмэйэ, хамнас

Нууччалыы Оклад (зарплата)

  • Норуот хаһаайыстыбатын производственнай салааларыгар орто хамнастаах үлэһиттэр акылааттара улааттылар.
    И. Аргунов
  • Уоппуска төлөбүрүн кээмэйэ үөрэҕи бүтэрээччигэ иҥэриллибит идэтин таһынан эрэсэрээтигэр, эбэтэр дуоһунастаах акылаатыгар олоҕуран быһаарыллар. “
    Кыым

«А» буукуба