Перевод с якутского
акыйаан
аат тыл
Нууччалыы необъятное, широкое и глубокое водное пространство, океан, море
1 аат тыл #
Муҥура биллибэт киэҥ дириҥ уу куйаара, байҕал
Нууччалыы Необъятное, широкое и глубокое водное пространство, океан, море
Ньютон бэйэтин чинчийиилэрин түмүгүн муҥура биллибэт акыйаан түгэҕиттэн оҕо ороон таһаарбыт чөмөҕөр холуура ДИМ
2 аат тыл #
Сири сабардыыр, материктары араартыыр түөрт улуу байҕал уопсай аата
Нууччалыы Общее название четырех океанов, занимающих большую часть суши и разделяющих материки, мировой океан
Иһиллэр ол ырыа ыраахха, Илгэ-дьол эргийбит сиригэр, Күөрэйэр адаар таас хайаҕа, Акыйаан дириҥэр да тиийэр. С. Тимофеев Быйыл саха биллиилээх поэта Семен Руфов Азияны миккийэр үс акыйааны үһүөннэрин көрдө - муус устарга Хотугу муустааҕы, атырдьах ыйыгар - Чуумпуну, алтынньыга Индийскэйи. ХС Акыйаан ууларын айматар Сата тыал сабардаан таҕыста Күннүк Уурастыырап