ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тамах

аат тыл

Нууччалыы вход из полости рта в глотку, зев

English throat

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

Айах көҥдөйө бэлэскэ киирэр сирэ, бэлэс саҕаланыыта

Нууччалыы Вход из полости рта в глотку, зев

  • Тамаххын илит.
  • Тамахпар кэбиспитим таарыйымына да хаалбыта. ПЭК СЯЯ. [Вирустар] үөһээҥҥи тыынар уорганы – бэлэс тамаҕын салыҥнаах бүрүөтүн, хабарҕаны, бронхалары буортулууллар. ФВН ЭХК. Эмискэччи сүрэҕэ өрө мөхсөн баран, тохтоон, эмиэ уруккутун курдук тэбэн барбыта, ол эрээри тамаҕа аһыйбыта. М. Шолохов (тылб.)
  • Айах көҥдөйүн кэлин өттө Θ Полость зева. Саамал кымыһынан тамаҕын анньынар. ПЭК СЯЯ. Ырбаахылара көлөһүннэриттэн илийэр, тамахтара хатар.
    Болот Боотур
Өссө холобурдар (1)
  • Өҥүрүк куйааска тамаҕа хаппыт отчукка Амма уутуттан ордук астык утах баар үһүө!
    С. Федотов

2 аат тыл #

Өрүс муораҕа, үрэх өрүскэ, күөлгэ киирэн холбоһор сирэ, төрдө; хомото

Нууччалыы Устье реки, речки; губа

  • Оттон ол хоту тамахха – Кулаада төрдүгэр – Томороон Ньукулай дурдата дагдаллан олорор.
    Болот Боотур
  • Оол курдук, үрэх тамаҕыттан пиэрмэ сүөһүлэрэ киэһээ ыамҥа иһэллэрэ көһүннэ.
    Далан
  • [Ананий] күөл тамаҕар түһэр көҥүһү чинчийэн көрдө, мээрэйдээтэ.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
  • Арай биир күн мин Бүлүү Өлүөнэҕэ түһэр тамаҕын көрөөрү барбытым
    В. Иванов

3 аат тыл #

Туох эмэ (хол., суол, күөл, алаас) саҕаланар эбэтэр атыны кытта быысаһар сирэ

Нууччалыы Начало чего-л. (напр. дороги, озера, аласа) или межа между ними

  • Дьонтон дьаадьыйан, атын уулусса тамаҕар киирэн иһэн, Катя эмискэ киһиэхэ саннынан анньылла түстэ.
    А. Сыромятникова
  • Эриллэн тахсар суол тамаҕар Улуу пааматынньык туруоруллубут.
    И. Чаҕылҕан
  • Суол тамаҕын ахсын ааттаах хаһаактар харабыллыыллар үһү.
    П. Филиппов
Өссө холобурдар (1)
  • Суол тамаҕар улахан хара бэкир киһи куоластыы турарын көрдүбүт
    И. Егоров

4 этии #

Нууччалыы Пить, утолять жажду (букв. толкает в зев)

Этиилэр

Тамаҕар силлээ

бэлэһигэр силлээ диэн курдук (көр бэлэс).

  • Дьоно тамаҕар силлээбиттэр быһыылаах.
    А. Софронов
  • Халытар Хабырыыс тамаххар силлээтэҕэ буолуо, кубулунан көр эрэ!
    И. Никифоров
Өссө холобурдар (1)
  • "Эн, доҕоор, манна чугас эргин сылдьаҥҥын куобахтаан эҥиннээн көр. Хата, оҕоҕор үчүгэйдик тамаҕар силлээн ыыт", – диэтэ ийэтэ. "Чолбон".

Тамах анньар

1) утах иһэр, утаҕын ханнарар Муус уутунан тамах анньар.  Саамал кымыһынан тамаҕын анньар. ПЭК ОНЛЯ; 2) ким эмэ кэтэх, кистэлэҥ санаатын билээри киитэрэйдик, угаайылаахтык кэпсэтэр, үтэн-анньан көрөр.

Выпытывать чьи-л.

  • мысли, стараться узнать мнение собеседника о чём-л. (с помощью хитрых приёмов, наводящих вопросов и т. п.).

Тамах бэлиэтин биллэрэр Ү

баҕатын, санаатын малтаччы эппэккэ, таайтаран биллэрэр (муҥха тамах бэлиэтигэр холоон этии).

Дать понять о своём желании намёком, намекать (букв.

  • даёт почувствовать свою метку у зева).

Тылын тамаҕа

ким эмэ санаатын толору, сиһилии буолбакка, быстах-остох, таайтарыылаах соҕустук этэн, быктаран ааһыыта.

Высказывание своей мысли мимоходом, между прочим, не акцентруя на ней внимания.

  • Дьэкиимкэ буоллар Маарыйатыгар өссө Дьаакыбы сөбүлүүр курдук тылын тамаҕар этэн аһарбыта.
    А. Сыромятникова
  • Сорохтор -- абааһыны эҥин кэпсииллэрин сөбүлүүллэр. Ол быыһыгар, хаһан эрэ кыыһы таптаабыттарын эмиэ тыл тамаҕар кыбытан ааһаллар.
    Ф. Захаров
Өссө холобурдар (1)
  • Маарыйа ыанньык ынаҕын улаханнык аһыйара тылын тамаҕыттан да тута биллэр.
    С. Маисов

Тылын тамаҕыттан иһиттэххэ

быстах-остох кэпсиириттэн, таайтара соҕус этэриттэн түмүк оҥорон сыаналаатахха, сэрэйдэххэ.

Судя по отдельным его словам, некоторым высказываниям.

  • Мин кинини кимиэхэ да күнүүлээбитим суох, хата, тылын тамаҕыттан иһиттэххэ, кини күнүүлүүр быһыылаах.
    А. Софронов
  • Тылын тамаҕыттан иһиттэххэ, эйигин букатын көһөрөн киллэрэр баҕалаах.
    Болот Боотур
Өссө холобурдар (1)
  • Тылын тамаҕыттан иһиттэххэ, туохха эрэ дууһатын эмтэрэр быһыылаах. Н. Лугинов

5 этии #

Нууччалыы Метка (обычно из цветной ткани) у зева на крыльях невода, недалеко от матки (делается для того, чтобы, находясь на льду, знать о приближении матки невода)

Этиилэр

Тамах бэлиэ

муус аннынан балыктааһыҥҥа муҥха ийэтэ чугаһаабытын көрдөрөр ситимҥэ баайыллыбыт бэлиэ (үксүн өҥнөөх таҥас буолар) Тамах бэлиэҕин көрө тураар эрэ.

  • Тамах бэлиэ кэлиитэ, кынакка балыктар буллугурастылар. СТКБ
    Т. Ср
  • др. -тюрк. тамах, тамаҕ, тюрк. тамак, дамак ʻгорло, глоткаʼ; др. -тюрк. тамҕа ʻрукав, приток рекиʼ

«Т» буукуба