ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

акый

туохтуур, даҕааһын

Нууччалыы бросаться в глаза своей длинной, худой и с полусогнутыми ногами нескладной фигурой

1 туохтуур #

дьүһ. туохт. Икки аҥыы бокуччу үктэнэн, нүксүччү туттан тур (ордук уһун дыраҕар уҥуохтаах, хатыҥыр киһини этиллэр)

Нууччалыы Бросаться в глаза своей длинной, худой и с полусогнутыми ногами нескладной фигурой (обычно о стариках)

  • Маҥан баттахтаах Курбууһун оҕонньор акыйан туран кэллэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Өкүүчэ Ааспыты эргитэ санаата: - Аҕыстаах-тоҕустаах сааһыгар, Акыйа кырдьыбыт убайыгар Тулаайах хаалан иитиллибитэ.
    С. Васильев
  • Учуутал кини иннигэр акыйан турар салаҥ уҥуохтаах уһун уолга: - Араспаанньаҕын дуоскаҕа суруй эрэ, - диэтэ
    Ф. Софронов

2 даҕааһын #

суолт. Уһун уҥуохтаах, хатыҥыр, нүксүгүр (үксүгэр кырдьаҕас киһи туһунан)

Нууччалыы Длинный, нескладный, худой и слегка согнувшийся

  • Соххор Туруйа диэн, сэҥийэтин төбөтүгэр үрүҥ мөчөкө бытыктаах, акыйбыт улахан оҕонньор.
    Амма Аччыгыйа
  • Биригэдьиир, лаппа сааһыра баран эрэр, акыйбыт уһун киһи, бэйэтин уон биэстээх-алталаах уолчаанын сирдьит гынан биэрээри гыммытын мин кыккыраччы аккаастаан кэбиспитим.
    С. Никифоров
  • Лиэктэри, тирии бартыбыаллаах, маҥан сирэйдээх, акыйбыт, үөрэхтээх көрүҥнээх мааны киһини, -- Алдан биир кырдьыбыт, аатырар үтүө үлэһитэ дьиэтигэр ыҥырда
    Н. Габышев

«А» буукуба