ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тардыы

аат тыл, аат

Нууччалыы воз, который тянет упряжной скот

Ис хоһооно · 8

1 аат #

Көлөҕө (хол., оҕуска, акка) тиэйиллэр таһаҕас

Нууччалыы Воз, который тянет упряжной скот

  • тарт диэнтэн хай. аата. Дьаакыптаахха бу киэһэ Таас тардыыта буолбута.
    Күннүк Уурастыырап
  • Билигин наар остуолбалары туруорууга, боробулуоханы тардыыга күүстэрин ууран үлэлииллэр.
    М. Доҕордуурап
  • Төһө да кырыйдарбын, төрөөбүт тайҕам тардыыта Сүрэҕим тэбиитин тэтимниирэ, Сүһүөҕүм күүһүн эргимниирэ.
    С. Зверев
Өссө холобурдар (7)
  • Сыл аайы биирдии тардыыга отутчалыы-түөрт уончалыы куорам собо кэлэр.
    А. Фёдоров
  • Ыччаты профессиональнай-техническэй үөрэхтээһиҥҥэ тардыыга балачча үлэ барар.
    И. Пахомов
  • Кыстык бириэмэтигэр үөр табалары бөрө тардыытыттан өрүһүйэр дьаһаллары эрдэттэн олохтуур наада. ТСА ТС. Кыргыттар уонна уолаттар уу отун тардыытыгар барбыттара. "ББ"
  • Сынньаммыт табалар тардыыларын ыарырҕаппакка бэрт чэпчэкитик айанныыллар.
    И. Данилов
  • Бастакы кыра холкуостар тэриллиилэрин үктэһэ таһаҕас тардыытын былаана диэн булгуччулаах сорудах тириэрдиллэрэ. АНП ССХТ. [Аҕа] бу олорорун көрдөххө - сайыҥҥы куйааска тардыытын таппатах оҕус курдук иһин түгэҕиттэн өрө мэҥийэ олорбут. ПЭК ОНЛЯ I
  • Көлө төһө таһаҕаһы ылар кыахтааҕа (мээрэй быһыытынан). Θ Тяговая сила, тяговые возможности упряжного скота (как единица меры). [Болтоһо:] Биир сыл тайҕаҕа баран сылдьан, оҕус тардыытынан көмүһү-харчыны аҕалан, соҕотохто күөс үллэрин курдук, аатын билбэт буола байан олорор.
    А. Софронов
  • Оҕус тардыытынан тиэйэн аҕалбыт аһын-үөлүн иһиттэргэ угуталаабыта. "Чолбон". Хайа, уонна тиит сыарҕа ыараханын оҕото сыттаҕа дии - бэйэтэ биир тардыы.
    ВВ

2 аат #

Өрүс, күөл тула уу ылар сирэ, өрүс, күөл диэки түһүүлээх сир

Нууччалыы Бассейн реки, озера

  • Мастар быыстарынан Индигиир тас үөһэ тардыылара эҥэлдьиһэн көһүннүлэр.
    Т. Сметанин
  • Бүлүү тардыыта алмааһынан эрэ буолбакка, атын даҕаны туһалаах хостонооччуларынан эмиэ баай.
    И. Данилов
  • Өрүстэр тардыыларын киэҥэ араас буолар.
    МНА ФГ

3 аат #

Нэһилиэнньэттэн хомуур, нолуок

Нууччалыы Подать, налог. [Дьэллиикэп Дьэкиим:] Сылгы сүөһүгэ эмиэ тардыы түһүөх тустаах

  • Суут ороскуота диэн ааттаан, бүтүн нэһилиэк үрдүнэн тардыыны тарҕаппыт сурахтаахтара.
    Болот Боотур
  • Үлэлээбэппин даҕаны, тардыыны даҕаны биэрбэппин. Бэс Дьарааһын. Оччотооҕуга кинээс өлбүгэтэ диэн тардыы нолуок баара үһү.
    ФГ

4 аат #

Оһох буруота үөлэһинэн үөһээ диэки тахсар хаамыыта

Нууччалыы Тяга (в печи)

  • Сыгынньах ойуун үс сиргэ чоххо уурбут сыалара ууллан сырдьыгыныыллар, борооххой буруо буолан, эриллэ-эриллэ, оһох үөлэһин тардыытынан таһырдьа субуруйаллар.
    Н. Якутскай
  • Оһох тардыыта үчүгэй. Сотору буолаат, умайан тиҥинээн-таҥынаан барбыта
    ХС

5 аат #

Хотууру угар олордон баран хамсаабат гына чараас тимиринэн кэлгийэ эрийии

Нууччалыы Обмотка пятки косы с косовицей из тонкой железной полоски. [Хотуур] "олоруута көллөгөр, кэтэҕэр ытаһа охсуохха бэрт эбит

  • Тардыыта сылаабай, дууската үөһэ", - дии санаата.
    Э. Соколов
  • Ыстапаан Саабыс -- эргэ хотуурун булан, тардыытын кытаатыннаран, биитин таптайан биэрдэ. КФА СБ. Бэл илии хотуурун тууратын үрдүнэн самалык тардыы тимирэ суох от оҕустарбат буолара
    ХС

6 аат #

Уһаныыга тимири (хол., биилээх сэп биитин) чараас гына тэнитэ таптайыы

Нууччалыы Ковка в тонкую пластину, полоску (напр., лезвия режущих предметов)

  • Киэҥ хочо налыыта Кииллиппит эйигин, Хотууруҥ тардыыта Хоп курдук ол иһин.
    А. Бродников
  • Лариса көмүстэн оҥоһуу тиэхиньикэтин баһылаабыт диэххэ наада. Кутууну, таптайыыны, тардыыны, дьөлөн-эргитэн киэргэтиини, солотууну киһилээбэт эбит
    Кыым

7 аат #

муус. Биир дорҕоону уһуннук тардан ыллааһын, уһатыы (ырыаҕа)

Нууччалыы Протяжное произношение звука, протяжность (в пении)

  • Сахалыы ырыа диэн бэрт буолар эбит ээ, ол эрээри дьигиһитиитэ, тардыыта суох буолар эбит дии?
    Т. Сметанин
  • Алгыһын киһи эрэ тыына-кыаҕа тиийбэт, Кыыл Уолун аатырар сэттэ кылыһахтаах тардыынан түмүктээн баран, чуумпуну иһиллээбиттии төбөтүн хоҥкутан турда.
    Э. Соколов
  • Николаев бэртээхэй ырыаһыт, -- нэксиэлээх тэлиэгэҕэ олордоҕуна, ырыатын дьигиһитиитэ, тардыыта күүһүрэр.
    КНЗ ТС

8 этии #

Нууччалыы Принадлежность, притяжательность как способ связи слов

Этиилэр

Тардыы көмүс (тимир) көр көмүс

[Сөмөлүөт] тардыы тимир Тараһата дарылаата. С. Васильев. Ол [ыҥыыры] бүрүйэр көмүстэрин тардыы көмүс дииллэрэ. "ХС". Тардыы көмүс биһилэх Тарбаҕар кэккэлэспит. А. Пушкин (тылб.). Тардыы ситимэ тыл үөр. - туох кимиэнэ эбэтэр туох киэнэ буоларын көрдөрөр ситим Баһылатар ситимнэр түөрт араастаахтар: сөпсөһүү, салайыы, сыстыы, тардыы. ЧМА СТС АК. Холбуу тыллар ордук үгүстүк сыстыы уонна тардыы, ол кэнниттэн салайыы ситимнэринэн үөскүүллэр. АПС СТП. Тардыы сыһыарыыта тыл үөр. - туох кимиэнэ эбэтэр туох киэнэ буоларын көрдөрөр сыһыарыы.

Аффикс принадлежности.

  • Предмет кимиэнэ буоларын көрдөрөр тардыы сыһыарыыта -быт араастарын булуҥ. ПНЕ СТ. Судургу аат тыл тардыы сыһыарыыта суох буолар.
    ФГГ СТ

Быһа тардыы көр быһа

  • Кинигэттэн сорох быһа тардыылар нууччалыы бэчээттэммиттэрин эмиэ ыытабыт, онно чуолаан К. К. Байкалов үлэтин туһунан кэпсэнэр.
    И. Федосеев
  • [Амма Аччыгыйа "Алдьархай" диэн сэһэниттэн] быһа тардыылары аҕалтаатыбыт.
    ПБН КСКТ

«Т» буукуба