Перевод с якутского
тардыһыы
аат
Нууччалыы место между двух рек, протекающих на небольшом расстоянии друг от друга
1 аат #
Чугас-чугас аасыһар өрүстэр, үрэхтэр икки ардыларынааҕы сир
Нууччалыы Место между двух рек, протекающих на небольшом расстоянии друг от друга
тардыс I диэнтэн хай. аата. Уол -- оҕус сүүһүн -- тыкпытыгар тарбаҕа батары киирэн хаалан, тардыһыы бөҕөнөн араарар. П. Тобуруокап Норуот үөрэххэ тардыһыыта сүрдээх, утаппыт курдук.
Суорун ОмоллоонКини олоххо дьулуурун, билиигэ-көрүүгэ тардыһыытын сөҕөн кэбиспитим. И. Данилов
Өссө холобурдар (4)
Көрсүһүү кэмигэр тустууктар илии-илиилэриттэн тардыһыылара элбэх буолар. АГГ ХТ Маннык дэхси тэҥ тииттэр улуу өрүстэр ууларын тардыһыытын араартыыр арҕас систэргэ үүнэллэр. Амма Аччыгыйа Икки үрэх тардыһыыта буолан бэйэтэ да аһары тыаллаах буолааччы. Далан Биһиги икки хайа ыпсалҕатыгар, эбиитин икки өрүс тардыһыытын сиһигэр олоробут А. Фёдоров
2 этии #
Этиилэр
Мас тардыһыы көр мас
[Ыһыахха] мас тардыһыытын, тустууну көрүөм аҕай!
Н. ЛугиновСергей -- мас тардыһыытыгар киирэн үһүс буолан, билэр дьонун соһутан турардаах. В. Яковлев
Өссө холобурдар (1)
Тустуу уонна мас тардыһыы күрэхтэһиитигэр кыттааччылар ыйааһыннарынан сэттэ категорияҕа араарыллаллар. АГГ ХТ