Перевод с якутского
олорт
туохтуур
Нууччалыы помещать; класть
English to place, to put
Ис хоһооно · 9
1 туохтуур #
Нууччалыы помещать; класть
English to place, to put
оҕону тобуккар олорт посадить ребёнка на колениto put a child on one's lap биэдэрэҕин манна олорт поставь ведро сюдаput the pail here
2 туохтуур #
Нууччалыы сажать
English (agriculture) to plant
маһы олорт посадить деревоto plant a tree
3 #
Кими эмэ олорчу көтөх эбэтэр туохха эмэ мииннэр
Нууччалыы Сажать, посадить кого-л. на что-л
Оҕону тобуккар олорт. Массыынаҕа олорт. Ыалдьыбыт киһилэрин -- намыһах олох-маска олордон, икки өттүттэн өйөөн турдулар Эрилик Эристиин
4 #
Ханнык эмэ үүнээйини үүннэрэргэ анаан анал оҥоһуулаах буорга туорааҕын, сиэмэтин түһэрэн көмп
Нууччалыы Сажать, садить (напр., овощи)
Маһы олорт. Хортуоппуйу олорт. Маһа-ото даҕаны киһи талан аҕалан наардаан олорпутун курдук сир Н. Заболоцкай
5 #
Кими эмэни биир дьиэҕэ, биир хоско бииргэ олорт
Нууччалыы Предоставлять жилье, селить, вселять, поселять кого-л. где-л
Аидалаах Абыйтан үөрэххэ туттарса кэлбит кыыһы олордоллор. [Суруксут:] Хайдах эмэ гынан аҕыйах хонукка олордон көрдөҕүҥ дии, албыннастахха сымнаҕас киһи быһыылаах А. Софронов
6 #
Тугу эмэ ханна эмэ олорчу туруор
Нууччалыы Ставить что-л., где-л. в стоячем положении
Биэдэрэҕин манна олорт. Талкы оҕонньор көһүйэтин чоххо олордон тиэтэтэр быһыыланна.
КүндэЭмээхситтэр -- сынньана таарыйа, ыаҕастарын олордон тохтоон, Өрүүҥкэни бааһына уҥуоргутуттан көрө-көрө ааһаллар Дьүөгэ Ааныстыырап
7 #
Көтөр аппарааты (хол., бөртөлүөтү, сөмөлүөтү) сиргэ түһэр
Нууччалыы Посадить летательный аппарат (самолет, вертолет), приземлять
Лүөччүк атын кыаҕа суох буолан, хаар тумарыгын дьөлө көтөн, сөмөлүөтүн күөл мууһугар олорпута
Суорун Омоллоон
8 этии #
Биирдэ олордон ыл - туох баарын барытын олорчу, тугу да ордорбокко ыл (уоран, албыннаан, хаартыга сүүйэн о. д. а.) Бодойбо куоратыгар олохтоох Чемляков баай хонтуоратыттан туох баар харчытын биирдэ олордон ылбыттар. Хонтуора манабыллааҕа, ааннар тастарыттан хатааһыннаахтара үһү. Н. Якутскай.
Нууччалыы Взять, забрать все без остатка (путем кражи, обмана или в качестве выигрыша в карты)
Этиилэр
Итии хобордоох үрдүгэр (хобордооххо) олордор көр итии 2
Отоойкоҕо (холуоһаҕа) олорт - албыннаа, тугу эмэ эрэннэрэн баран кураанаҕы куустар.
Обмануть, посадить в калошу, сесть в калошу.
Мин Никифоров, Захаров, Павлов, Скрыбыкин, Васильев атыыһыттары кытта холуоһаҕа олордуохтара диэн бэркэ сэрэнэн кэпсэтэбин. Болот Боотур Ол эрээри урукку сылларга отоойкоҕо олорпут уопуттара, быйылгы дьыл үлэтэ иитэ-саҕата биллибэтэ арыы курдук ньалҕаархай этиилэргэ киһи олус эрэниэ суоҕун туоһулууллар. "Кыым". Онтон ордугун сылы быһа киллэттэриэх буолан эрэннэрэ сылдьан баран, саҥа дьыл кэнниттэн сыл бүттэ, ахсаан сабыллар диэн ааттаан, Бессонов албыннаан кэбиһэн холуоһаҕа олорто. "Кыым". Олорбуппут сыччах - дьоллоох олохпут бүттэҕэ. Пришел конец нашей благополучной жизни. Этэҥҥэ олорбуппут сыччах! И. Данилов
Өссө холобурдар (3)
Хайдах гыныахпытый, олорбуппут сыччах буоллаҕа дии. Саха ост. I. Тылын төбөтүгэр олордон ылла - көрдө көрөөт мөҕөн-этэн бар, кутаалаах уотунан кут. Сильно бранить, ругать, обругать кого-л. Уһун тыллаах Аанчык кинини [Ньукуукканы] тылын төбөтүгэр олордон ылбыта. Н. Босиков Хагдаҥ оттоох сиргэ олордубат - олус тыллаах, умайар уот тыллаах, хагдаҥ оттоох сиргэ олорбут киһини уматар тыллаах (дьахтар туһунан). Острая на язык, языкастая, бранливая, сварливая (обычно о женщине). Хата хагдаҥ оттоох сиргэ Хаһан эмэ олордоойоҕут?
Өксөкүлээх ӨлөксөйАаныс тыла сытыытын санаан: "Хата, хагдаҥ оттоох сиргэ олордоойоҕут", - диэн Өксөкүлээх тылын өйдүү түстэ. А. Сыромятникова
9 этии #
Нууччалыы Посадить на престол
Бүрүстүөлгэ олорт - кими эмэ (үксүн өлбүт ыраахтааҕы уолун) ыраахтааҕынан тал, анаа Легионердар император бүрүстүөлүн талбыттарынан дьаһайаллара, императордары киэр илгитэлииллэрэ уонна ордук элбэх хамнаһы биэриэх буолбут киһини бүрүстүөлгэ олордоллоро. КФП БАаДИ. Муос олорт - норуот эмчитин (отоһут) биир эмтиир ньымата: ынах муоһун туһанан хааннаа. Θ Знахарский способ лечения: кровопускание с помощью рога коровы. [Маайа:] Эчи, суох, инньэ Кураҕаайы сайылык ыамыттан буллум. Онно дьахталларга муос олордо сылдьар эбит. Эрилик Эристиин Төлкөнү (түөрэҕи) олорт - инникини, кэлэри билгэлээ, түстээ. Θ Ворожить будущее, бросать жребий. Түөрэххитин түһэрдим, Төлкөҕүтүн олортум... Үс саха буолан Үөскээн үөдүйүҥ, Түөрт саха буолан Төрөөн тэнийиҥ. П. Ойуунускай