ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уур

туохтуур

Нууччалыы класть, положить что-л., ставить что-л. на место

English to place, to put

Ис хоһооно · 9

1 туохтуур #

Тугу эмэ ханна эмэ туруор, оннун буллар

Нууччалыы Класть, положить что-л., ставить что-л. на место

  • Куруускатын остуолга уурда, үтүлүктэрин ороҥҥо быраҕаттаата.
    Амма Аччыгыйа
  • Нина оҕолор үргээбит сибэккилэрин томточчу кутуллубут буор үрдүгэр уурбута.
    Далан
  • [Михаил Иванович учуутал] сиэбиттэн түөрт гына бүк тутуллубут кумааҕыны сулбу таһыйан ылан, -- дириэктэр иннигэр ууран биэрбитэ
    Н. Лугинов

2 туохтуур #

Тугу эмэ ханна эмэ харай

Нууччалыы Держать что-л. где-л., хранить что-л. где-л

  • Мииниҥ аһыйан хаалыа, халадьыынньыкка уур. Харчыгын сберхаассаҕа уура сырыт. Докумуоҥҥун сиэйпэҕэ ууран бар.
  • Тахсан иһэн, хаҥас, иһит уурар долбуур аттыгар, Өрүүнэ эмээхсин үрүҥ күлүгүн хараҕын кырыытынан көрөн аһарда. Софр. Данилов. [Коля:] Аҕал, үүттэргин манна туспа уур. Соньытаарга көрдөрүөм
    С. Ефремов

3 туохтуур #

Ыалдьар киһиэхэ тугу эмэ туруор (эмтиир сыаллаах)

Нууччалыы Ставить, прикладывать, накладывать что-л. к больному человеку (с целью оказания ему лечебной помощи)

  • Бүөтүр оҕонньор аҕам көхсүгэр уон түөнү уурда. Эдьиийбэр аҕыс бааҥканы уурдулар.
  • Ыалдьааччы улаханнык ыалдьар сиригэр түөн ууран, ириҥэтин, хаанын оборторон эмтиирэ
    Куома Чааскын

4 туохтуур #

Хамсаны табаҕынан толор (табах тардаары)

Нууччалыы Набить курительную трубку (табаком - чтобы закуривать)

  • Хара бытык, уотун күөдьүтэн, обоччоҕо ууран, табах тарта.
    Н. Неустроев
  • Ыл эрэ, табахта ууран аҕал!
    А. Софронов
  • Холумтан ааттыгар чохчойон олорон эрэн, алтан хамсатыгар табах ууран сип гына тарда-тарда, санааҕа түстэ
    Күндэ

5 туохтуур #

Ханнык эмэ докумуону, кумааҕыны бэчээтинэн туоһулаа, бэчээт ойуутун түһэр

Нууччалыы Өлөксөйү обкомолга ыҥыран, "Өрөбүлгэр бэйэҥ нэһилиэккэр Үлэлэһэ таҕыс!" – диэтилэр, Арылыйар бэчээт ууран, Араҕас мандаат биэрдилэр

  • Туллайдааҕы таһаарарга илии баттаан, бэчээт ууран бүтэрэн кэбиспиттэр
    Н. Павлов

6 туохтуур #

харыс т. Өлбүт киһини ииҥҥэ көм

Нууччалыы Хоронить, предавать земле (умершего)

  • ээҥҥэ, ырыаҕа киирбит Кириэмил кириэппэс иннигэр -- ииҥҥэ хаарыан уҥуоҕун уурбуппут.
    К. Уурастыырап
  • Ол хайаҕа ааспыт сэрии, ыар айан Охторбут дьоруойун уурбуттар.
    И. Эртюков
  • Ол-бу буолан хааллахпына, алааспытыгар аҕаҥ уҥуоҕун кытары кэккэлэһинн ууран көрөөр.
    В. Яковлев
Өссө холобурдар (1)
  • Ханна да өллөхпүнэ, уҥуохпун тумулбар ууралларыгар кэриэс кээһиэм
    ХС

7 туохтуур #

Уураахта таһаар, кими эмэ туохха эмэ буруйдуур туһунан уураахта ылын

Нууччалыы Вынести постановление, постановить; приговорить кого-л к чему-л. за совершенное преступление

  • Чэпчэтиҥ диэн эппэппин, Буруйум булуллубут буоллаҕына, Сокуон хараҕа туоларынан Уураахта ууруҥ!
    А. Софронов
  • Норуодунай суут -- кулуба уолун киһини сыспыт дьыалатыгар үс ый кыһалаҥ үлэҕэ уурбута.
    Эрилик Эристиин
  • Бэлитиичэскэй бүрүстүүпүнньүк диэн буруйдаан, уон сылга Иркутскай куорат таһыгар баар түрмэҕэ хаайарга уурдулар.
    Н. Павлов
Өссө холобурдар (1)
  • Куоталаһыыга табаарыс Табынаев бастаабытын быһыытынан -- кыһыл быымпалы туттарарга сельпо бырабылыанньата уурда
    М. Доҕордуурап

8 туохтуур #

Үлэҕэ, үөрэххэ, дьыалаҕа олус бэриниилээхтик сыһыаннас, кыһан, туох баар кыаххын, күүскүн биэр

Нууччалыы Относиться к делу, работе, учёбе с полным пониманием и преданностью, отдавать для его выполнения все свои силы

  • Михаил Иванович кэлин, аспирантураҕа киирэн да баран, бастакы сылынааҕы тэтимин мөлтөппөккө, үөрэҕэр бары сыратын, күүһүн-уоҕун, өйүн-санаатын уурара.
    Н. Лугинов
  • Эйэлээхтик олорор иннигэр туох күүспүн ууруом.
    Эрилик Эристиин
  • Дьааҥы оройуонун балыксыттара, бары күүстэрин уонна сатабылларын ууран туран, охсуһаллар [элбэх балыгы хостуур иһин].
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
  • Саха сирин кырымахтаах хара саһылын иитээччилэрэ наука бу этиитин олоххо киллэрэр иһин бары сатабылларын, билиилэрин-көрүүлэрин ууруох тустаахтар
    Кыым

9 этии #

Нууччалыы Создавать то, что является исходным, начальным, основным для чего-л., закладывать фундамент

Этиилэр

Бокулуон уур көр бокулуон

  • Бокулуон ууран тоҥхоҥнообутунан барбыт.
    Н. Заболоцкай
  • Муостаҕа сүүһүн лоһурҕатан, бокулуон уурара, кириэстэнэрэ.
    ХС

Болҕомтоҕун уур көр болҕомто

  • Юрий элэккэйэ, кэпсэтинньэҥэ олус, кырдьаҕас дьоҥҥо болҕомтотун уурарынан бэрт ыччат быһыылаах.
    Н. Лугинов
  • Илья Иванович ол курдук дьону-сэргэни айымньылаах үлэнэн көҕүлүүрэ, ыытыллар дьаһал ымпыгар-чымпыгар тиийэ болҕомтотун уурара. АҮ. Биһиги кимнээхпитин билэллэрэ, онон суудунабытыгар болҕомтобутун уурбатахтара.
    Д. Дефо

Дууһаҕын уур көр дууһа

[Семён Николаев] дуобат туһугар, дьэ кырдьык, дууһатын уурбут, олоҕун анаабыт киһи. С. Федотов. Оҕолору түөрт уон сылтан ордук чахчы дууһатын ууран үөрэппитин иһин Николай Васильевич үрдүк бочуоттааһыҥҥа да тигистэр. Билигин эргитэ санаан, көрдөҕүнэ, кини олорбут олоҕо ситэтэ суох эбит. В. Гольдеров. Күүскүн (кыһамньыгын) уур - туох эмэ (хол., үлэ, сорудах) туоларын туһугар туох бааргынан турун, үлэлээ.

Отдавать все свои силы, старания выполнению какого-л. дела, работы.

  • Эйэлээхтик олорор иннигэр туох күүспүн барытын ууруом.
    Эрилик Эристиин
  • Яков Андреев дьаһаллары олоххо киллэриини олус кыһамньытын ууран салайда.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (2)
  • Константин үөрэх төрүттэрин баһылыырга туох баар сыратын биэрбитэ, кыһамньытын уурбута.
    П. Филиппов
  • Саҥаны айарга күүспүн ууруом, Самаан сайыны чэлгитиһэ туруом.
    ХС

Кэлтэгэй да кэппиэйкэҕэ уурбат

- букатын, кыратык да итэҕэйбэт (ким эмэ тылын, кэпсээнин).

На грош не верит.

  • Кинилэр ити кураанахха тыллаһаллара курдаттыы көстөн турара, кинилэр ону Христос үөрэҕин атаҕастаабат эрэ санааттан саҥарсаллара, оттон бэйэлэрэ ол тылларын кэлтэгэй да кэппиэйкэҕэ уурбат, итэҕэйбэт этилэр.
    Д. Фурманов

Нуустаҕын уур көр нууста

Кини көрүдьүөс тылбаастарын нойосуус ааҕа-ааҕа күлсэбит. Киһибит кыйаханар, кыыһырар. Мэник буоламмыт, киһи, нуустатын ууран, таптаан дьарыгыланарын көҕүллүөх кэриэтин, күлэ сырыттахпыт. "ХС". Христолюбов бэркэ кичэйэн, нуустатын ууран оҥорбут биир үлэтинэн -- биллиилээх ырыаһыт Е. А. Захарова мэтириэтэ буолар. "Кыым". Оонньуулаахха уурума - ханнык эмэ боччумнаах дьыаланы, дьоһуннаах быһыыны-майгыны билбэккиттэн эбэтэр сэрэҕэ суоххуттан улахаҥҥа уурума, аахайыма.

Не принимать всерьез, недооценивать из-за своего незнания или неосторожности возможную опасность, какое-л. серьезное событие. [Кини] тугу да оонньуулаахха уурбат бастакы Бааска буолбатах. Далан.

  • Дуугулааһап оҕо тугу да оонньуулаахха уурбат буола сылдьыбыта, ол мэник дулҕаҕа баһын хайа түһэрин көрдөҕүм.
    Эрилик Эристиин
  • Боотур күөх кырыстан тэбинэн чыраһа-чыраһа утарса сатыыр, суох Абыдал ону оонньуулаахха уурбата, тирэһэн турар оҕустары күөх кырыстары-баҕастары дьукку анньан, өстөөҕүн сыыр хааһын диэки быһа хатыыскалаппытынан барда.
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
  • Өлөрү утуйарга ууран (холоон) - олоххун биэрэри, өлөрү да кэрэйбэккэ, өлөрү-тиллэри билиммэккэ, харыстала суох, тыйыстык (хол., Айыы бухатыырдара хараҥа күүстэри кытта охсуһаллар). Не на жизнь, а на смерть, не жалея жизни (напр., бьются богатыри светлого мира с тёмными силами. Букв. уподобляя смерть сну). Өлөрүн утуйарга ууран, Ыалдьарын тарбанарга санаан, Чупчуруйдаан тойон-саарга Чуо-бааччы бара турда. Эллэй. Кини [Айыы бухатыыра] ханнык баҕарар өстөөхтөн чаҕыйбакка харса суох охсуһууга киирэр. Өлөрүн утуйарга холоон туран абааһы уолун ир суолун ирдиир. Эрчимэн.

Санааҕын уур көр санаа II

Санаабытын уурдахпытына, тугу тулутуохпутуй? Амма Аччыгыйа. Өскөтө кини кыһаллара, сүрэҕин, санаатын уурара эбитэ буоллар, биһигиннээҕэр барыбытынааҕар үчүгэйдик үлэлиир кыахтаах. Софр. Данилов. Санааҕын уурума -саараама, кураанахха, сатаммакка эрэнимэ.

Зря не мучайся, не беспокойся.

  • Тааҕы баҕаран санааҕын уурума.
    Н. Түгүнүүрэп
  • Ылыммат киһилиин олох олорор хайаан сатаныай, киһи санаатын да уурбат суола.
    Н. Босиков
Өссө холобурдар (7)
  • Хамнаһа кыра, үүнэр кэскилэ суох эҥин диэн [огурунуом идэтигэр] төрүт санаатын уурбат этэ.
    ХС
  • Тынын тоук уурар - туох эмэ туһугар олоҕун харыстаабат. Ради достижения какой-л. цели жертвовать собой, класть жизнь, голову. Кини ньургун бэйэтэн, сырдык тыынын толук ууран туран, бар дьонугар, Ийэ дойдутугар бу дьолу аҕалыста эбээт!
    Амма Аччыгыйа
  • Киһиэхэ төрөөбүт дойдута Таптыыр оҕотун тэҥнээҕэ: Кини кэскилин туһугар Тынын да толук ууруоҕа.
    С. Данилов
  • Сэбиэт былааһын иһин бэйэтин сырдык тыынын толук уурбута.
    ХС
  • Улахаҥҥа уурар - кыраны, кыаллары даҕаны кытаанаҕы, ыараханы оҥорор, үлэлиир курдук, улахан эрэй, кыһалҕа курдук саныыр. Считает, что исполняет большое, хлопотное, трудное дело (в самом деле, требующего незначительного усилия). Дьэ ити баар ээ киһи сэрии суоҕуна, бэлэми аһыы-аһыы, биир атыллааһыны оҥорорун улахаҥҥа уурара.
    И. Никифоров
  • Ыччаттар илии үлэтигэр дьоҕурдара суох, бырдаҕы тулуйбаттар, куйааска буһалларын, ардахха сытыйалларын улахаҥҥа уураллар. "Кыым". Улахаҥҥа уурбат - улахан баҕайы диэбэт, аанньа ахтыбат, ситэ сыаналаабат, сэниир. Не придаёт значения чему-л., не считает серьёзным, стоящим делом, недооценивает, пренебрегает чем-то. Бу аныгы дьахталлар үөдэттэр тугу да улахаҥҥа уурбат буоллахтара. Софр. Данилов. Оттон кини ону улахаҥҥа уурбат курдук туттар.
    Н. Заболоцкай
  • Бу туох буолбут кыыһый! Киһи да тылын ылыммат, ыалдьар аҕатын да улахаҥҥа уурбат.
    М. Попов

Умса (умсары) уур көр умса

Көхсүттэн тэһииннээх Көмүскэстээх күн ууһун Умса уураммын, Уодьуганнарын тардаммын -- Кэниэрдээх кэрис бараан дойдубар Кэлбиппин көрөллөөр-көрбөттөөр! П. Ойуунускай. [Кыһыл Аармыйа] Быстыбыт аймаҕар харыһык буолаҥҥын Былыргы былааһы умсары уураҥҥын, Көччүйэн үөскээбит хотугу кыраайбыт Көҥүлүн көмүскээн, көмөҕүн көрдөрдүҥ. Күннүк Уурастыырап. Ойоҕум миигин умса уураары, онон эрэ дьоллоноору кэлэн үҥсэ сылдьар. А. Бродников. Ууран биэр - 1) дьиҥнээҕинэн, төһө баарынан ким эмэ илиитигэр туттаран кэбис (хол., иэскин, харчыны).

Давать прямо в руки кому-л. (напр., деньги долг).

  • Икки бээдэрэ арыгыны, икки кэһиини, икки мөһөөгү билигин ууран биэрдэ.
    А. Софронов
  • Эбэтэр биһиги модьуйуубутун толордуннар! Аҕыс чаастаах үлэ күнүн олохтоотуннар, киниискэбитигэр суруллар харчыбытын ый аайы ырааһынан ууран биэрэр буоллуннар.
    Н. Якутскай
Өссө холобурдар (10)
  • Ол харчытын Кууһума биир түүн биэс уон икки эмэгэккэ ууран биэрбитэ.
    Н. Павлов
  • Бүгүн үс тыһыынча солкуобайы биирдэ ууран биэрбит. "Кыым"; 2) ким эмэ тугу саныы сылдьарын эбэтэр бэйэҥ ис санааҕын кимиэхэ эмэ барытын тоҕо кэпсээн биэр. Выложить кому-л. все свои мысли, думы сразу, залпом. "Били тоһоҕо ат дьабалдьытын бобо тартаҕына, ат төбөтүн мөҕүһүннэрбэккэ эрэ кыайан сүүрбэт буолан хаалар. Биһиги ону Тураҥнаах хочотугар түүн боруобалаан көрбүппүт, бэртэҕэ", – диэн Балатаай -- аҕатын аах бары кистэлэҥнэрин бүтүннүү тиэрэ ууран биэрдэ.
    Д. Таас
  • Мин бүгүн Акыымапка бэйэм да бара сылдьыам уонна санаабын олорчу ууран биэриэм.
    У. Нуолур
  • Нерюнгрины кытта шефтэһэр былааннаахпытын истээт, бэйэлэрин ис санааларын тута ууран биэрэр дьон түбэстилэр.
    ХС
  • Уурбут туппут курдук - сөрү-сөптүк, бэйэтигэр сөрү-сөп, оруобуна сөп түбэһэр. Словно пригнано, подогнано по нему, всё очень впору, в самый раз ему. Оччугуй кыыһа уурбут-туппут курдук обучуркаан уостаах.
    П. Тобуруокап
  • Бэртээхэй оскуола. Барыта уурбут-туппут курдук, туох да итэҕэс-быһаҕас диэн суох!
    Н. Лугинов
  • Барыта уурбут-туппут курдук.
    С. Ефремов
  • Олбуор иһэ уурбут-туппут курдук ып-ыраас этэ.
    ХС
  • мууска уур көр муус. Аан нөҥүө истэн турбут Саргы ойон таҕыста, итиэннэ аҕатыгар убайын быһыытын барытын ыраас мууска ууран биэрдэ.
    У. Ойуур
  • Туох да суох, кураанах куолулааһын, бэрт мөлтөх суруйуу. Адьас үлтү охсордуу кириитикэлээн, барытын ыраас мууска ууран, сыанабыллаан, Ардьаанапка бэйэтигэр аадырыстаан ыыппыта.
    ХС

Ытыска уурбут курдук (ытыска уурбуттуу) көр ытыс

  • Маннык үрдүк таас очуостан туох барыта бэрт ыраахха диэри ытыска уурбуттуу ырылыччы көстөрө.
    Далан
  • Мантан [сыыртан] бэрт киэҥ сир ытыска уурбут курдук мэндээрэр. И. Данилов

«У» буукуба