ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

нууста

Нууччалыы заботиться о ком-чем-л., окружать заботой кого-л

нуустаҕын уур кэпс. - 1) кимиэхэ-туохха эмэ олус кыһан, болҕомтоҕун уур

Нууччалыы Заботиться о ком-чем-л., окружать заботой кого-л

  • Нуустаҕын ууран үлэлээбэтэххин! Хайдах бу туохха да кыһаммат дьон буолан эрэҕитий!
    А. Сыромятникова
  • Этэрээти бары өттүнэн хааччыйыыга нуустаҕын уурдаххына сатанара буолуо. Л. Попов; 2) туох баар сатабылгын киллэр, дууһаҕын уур. Θ Вкладывать душу во что-л. Биһиги өбүгэлэрбит оҕо-уруу, өй-санаа өттүнэн чэбдик, дьылҕаларыгар эрэллээх буолалларын, хата, кимнээҕэр ордук нуусталарын ууран бэрт мындырдык быһаарбыттар эбит сорох боппуруостары. С. Ту мат. [Устудьуоннар] уһулуччу үчүгэйдик үөрэнэллэрин таһынан институт олоҕор нуусталарын ууран туран кытталлара
    Кыым

«Н» буукуба