Перевод с якутского
миэстэ
аат тыл
Нууччалыы место
English place
Ис хоһооно · 9
1 аат тыл #
Нууччалыы место
English place
иллэҥ миэстэ свободное местоfree space
2 аат тыл #
Нууччалыы кусок
English piece (of luggage)
икки миэстэ таһаҕас два места багажаtwo pieces of luggage
3 аат тыл #
Нууччалыы покрой
English cut (of meat)
биир миэстэ эт атыыластым я купил два куска мясаI bought two pieces of meat
4 аат тыл #
Ким, туох эмэ баар, ылан турар сирэ, онно
Нууччалыы Место, занятое кем-чем-л. или на котором находится что-л
Засадаҕа олорор пограничниктар миэстэлэригэр бааллара. Н. Якутскай Ордук Арбатскайы куорат турар миэстэтэ, уута-хаара, салгына сөбүлэппитэ. В. Яковлев Билиҥҥи бөһүөлэк миэстэтин Маҥан Тааһы Үрүҥ Хайа диэн уларытан ааттаабыттар Д. Кривошапкин
Өссө холобурдар (6)
Киһи олорор, турар сирэ. Θ Место для пассажиров сидения (в транспорте, помещении) Миэстэ элбэх, баһаалыста, ааһыҥ. Кондуктор: "Миэстэ суох, төттөрү таҕыс", - диэн айманна. Амма Аччыгыйа [Уол] кылгас атахтарынан түргэн-түргэнник хааман дэдэһийэн тиийэн дьонтон туора, инники диэки миэстэҕэ олордо
Н. ЛугиновКиһи тохтуох, хонуох, утуйуох сирэ, онно. Θ Место для отдыха. Киирэн дорооболоһоот, эттэ: "Эн аллараа орону ыл. Миэстэбитин атастаһыах. " Амма Аччыгыйа Бааллар уолбут хараабыгар Бары наада тэриллэр, Уларыйсан-солбуйсан Утуйар, аһыыр миэстэлэр. Күннүк Уурастыырап Бу миэстэҕэ хонорго быһаарыммыттара
Г. Колесов
5 аат тыл #
Үлэҕэ, үөрэххэ киһи ылыллыахтаах дуоһунаһа, онно
Нууччалыы Место, вакансия
"Украинаҕа баар вакантнай миэстэни мин талыам", - диэн испэр бигэтик быһаарыммытым. Н. Якутскай "Мин туох... - Сеня мух-мах барда. - Үлэ көрдөһө кэллим. Миэстэ баар буоллаҕына".
Н. Лугинов[Марфа Николаевна:] Маня, мин эйигин куоракка төттөрү киллэрэ таҕыстым. Онно саҥа Управлениеҕа үчүгэй миэстэ көстүөх курдук С. Ефремов
6 аат тыл #
Спортка, араас куоталаһыыларга киһи ситиһиитэ хаһыс көрдөрүү буолбута
Нууччалыы Место (напр., спорт. результат)
Бастыҥ миэстэни ылбыккынан эҕэрдэлиибит. Амма Аччыгыйа Республиканскай куоталаһыыга бириистээх миэстэҕэ тиксэн, үс сүүс солкуобайдаах харчынан бириэмийэ ыллыбыт. ПДН ТБКЭ. Таатта тыйаатыра Дальнай Восток зонатыгар профессиональнай ансаамбыллары көрүүгэ иккис бириистээх миэстэни ылбыта. АҮ
7 аат тыл #
Киһи олохсуйан олорор, үлэлиир сирэ
Нууччалыы Место проживания, какого-л. действия
Кырдьык, миэстэттэн даҕаны буларга кыах баара. Үрдүк экэнэмиичэскэй үөрэхтээх уонна өр сыл үлэлээбит уопуттаах бухгалтердар суох буолбатахтар. М. Попов Прокопий Васильевич, ол ыҥырыыны миэстэтигэр хайдах көрүстүгүт? И. Бочкарев Интэлигиэнсийэ күүһүнэн миэстэтигэр элбэх бэсиэдэ ыытыллыбыта Ленин с
8 аат тыл #
Сүөһү, кыыл этин хол-буут арахсыбыта
Нууччалыы Часть разделанной туши зверя, скотины
Дьоннорбор үрүҥ эһэм биирдии миэстэтин өлүүлээтим. И. Федосеев Күһүн идэһэлэннэхпитинэ, хайаан да "бу Сүөдэрдээххэ" диэн биир миэстэни чаастаан кэбиһэллэр Кустук
9 аат тыл #
Уус-уран айымньыга, үлэҕэ сырдатыллыбыт ханнык эмэ түгэн, ол түгэн ойууламмыт кэрчигэ
Нууччалыы Какая-л. часть художественного произведения, отрывок. ["Коммунист Сэмэн"] поэмаҕа айылҕаны хоһуйуу улахан миэстэни ылбыта
Софр. Данилов. Киһи аймах эрдэтээҕи историятын үөрэтиигэ эр-ойох пуормата ханнык кэрдиискэ турарын быһаарыы биир суол боччумнаах миэстэни ылар Эрчимэн