ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

киирии

аат тыл, аат, даҕааһын

Нууччалыы вступительная часть, зачин устного произведения, письменной работы, книги; введение

English entry, entrance

Ис хоһооно · 4

1 аат #

Тылынан айымньы саҕалыыр түһүмэҕэ; суругунан айымньы ыйыылардаах, уопсай быһаарыылардаах инники чааһа

Нууччалыы Вступительная часть, зачин устного произведения, письменной работы, книги; введение

  • киир 1-10 диэнтэн хай. аата. Тыымпы күөлгэ балыксыт Туутун уга киириитин Күөхтүүр ойуур быыһынан Көрө-көрө кэлбитим.
    П. Тобуруокап
  • Кинээс киириитигэр, Огдооччуйа сүбэтинэн, Болот утуйбута буолан хаалла.
    Н. Заболоцкай
  • Павел Попов баартыйа кэккэтигэр киириитин эн бэлэмнээ. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (4)
  • Эпос киириитигэр этиллэринэн, Орто дойду дьонугар аан маҥнай түптээх олох, дьол-соргу суох. Эрчимэн. Үҥкүү тылын киириитигэр дьону оонньууга-көргө ыҥырыы, кинилэри көҕүлээһин иһиллэр
    СЛ-8
  • Суругунан айымньы ортотугар кылгастык тиэмэттэн туорааһын. Θ Краткое отступление от темы (в письменном произведении). Мин бу лирическэйдиҥи хабааннаах киириини саха прозатын дьоруойдарын, чуолаан, кинилэр ааттарын туһунан санаабын үллэстэр баҕаттан оҥордум. ФЕВ УТУ. [Н. М. Заболоцкай] оҕолуу омуннуран ылар киириилэрдээх, тыыннаах чаҕыл-тырым өҥнөөх хартыынаны талбытынан таҥар тыл дьиҥнээх маастара кини эбээт дэттэҕэ
    ХС
  • Техникум дириэктэрэ маҥнайгы киирии лиэксийэтин аахта.
    Амма Аччыгыйа
  • Олоҥхону Г. У. Эргис нууччалыы тылынан киирии ыстатыйалаан -- таһаарбыта
    СЛ-8

2 аат #

спорт. Саахымакка, дуобакка оонньуу саҕаланыыта

Нууччалыы Дебют (в игре в шахматы и шашки)

  • Т. Шмульян оонньооботох дебюта суох. Кини ханнык баҕарар киириини олус интэриэһинэйдик хабаатыннаран оонньуурун сөбүлүүр
    НСС ОоО

3 даҕааһын #

суолт. Бастакы, тугу эмэ саҕалыыр

Нууччалыы Начальный, вступительный, вводный

4 этии #

Нууччалыы Заимствованное слово, заимствование

Этиилэр

Күн киириитэ көр күн

Өссө холобурдар (1)
  • Киэһэ күн киириитэ, Окко сиик түһүүтэ Табалар тахсаллар, Сыһыыбар сырсаллар.
    С. Данилов

Кыдьымах киириитэ көр кыдьымах

Соторутааҕыта кыдьымах киириитин үгэнигэр олус үчүгэй этэ. А. Сыромятникова. Кыстыкка (дьылга) киирии - кыһыҥҥы олоҕу-дьаһаҕы оҥостуу; кыстыыр сиргэ көһөн кэлии.

Подготовка к зиме; переезд в зимнее жилище.

  • Кыстыкка эрдэ киирии үүт ыамыгар хаалыыттан тахсарга тирэх буолуоҕа. "Кыым"

«К» буукуба