ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

киирии-тахсыы

аат

Нууччалыы неровности в виде спусков и подъемов на поверхности земли, на дорогах

1 аат #

Сир, суол ньуура үөһэ-аллара түһүүтэ

Нууччалыы Неровности в виде спусков и подъемов на поверхности земли, на дорогах

  • киир-таҕыс диэнтэн хай. аата. Дьон эрдэттэн оннуларын булунаары, утуу-субуу киирии-тахсыы буолар.
    Күннүк Уурастыырап
  • Соппуруон баай дьиэтигэр киирии-тахсыы иһиллибэт.
    Н. Якутскай
  • Кыһыҥҥы киирии-тахсыы, үлэ-хамнас буолла. Бэс Дьарааһын
Өссө холобурдар (2)
  • Киэҥ тайҕа дьиэллигэстэнэн, Киирии-тахсыы дэхсилэнэн, Улахан суол оҥоһулунна, Оройуон аартыга аһылынна.
    С. Васильев
  • Хаһан да сылдьыбатах киириилэрэ-тахсыылара кэлитэлээн бардылар
    Н. Заболоцкай

2 аат #

Араас албаһы туттуу, албаһырыы

Нууччалыы Уловки, хитрости; махинации

  • Марьяна, араас тэрилтэлэргэ үлэлээбит киһи быһыытынан, дьон киириитин-тахсыытын билэ үөрэннэ ини.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Сахалар урут-уруккуттан эргиэмсик, араас ылсыы-бэрсии, киирии-тахсыы боппуруостарыгар атын омук дьонун майгыларын-сигилилэрин сатаан табалларынан аатыраллар этэ.
    ВУА БС
  • Айылҕа, күн-дьыл эмискэ уларыйыыта. Θ Внезапные перемены в природе, погоде. Быйыл дьикти күһүн -- буолбутун туһунан куоракка, тыаҕа өр олорбут, айылҕа киириитин-тахсыытын кэтээн көрбүт дьон кэпсэтиилэрин үгүһү истэҕин
    Кыым

«К» буукуба