Перевод с якутского
тахсыы
аат тыл, аат
Нууччалыы выход
English exit, departure
Ис хоһооно · 4
1 аат #
таҕыс диэнтэн хай. аата. Күн тахсыыта уу кэлиитэ күүһүрэн барда. М. Доҕордуурап. Манан тахсыы бобуллар. "ХС". Производствоҕа кыттыы син куһаҕана суох. Ол эрээри бүттүүн кылааһынан тутуспутунан тахсыы суох. "ЭК"
2 аат #
Айан суолугар өрө тахсар, дабайар сирэ
Нууччалыы Место, где дорога поднимается вверх, подъём
Муммут уоллаах кыысчаан Аастылар уһун тахсыыны, Уулаах маары, тыымпыны. Эрчимэн. Ким өйдүөй – эдэр саас эйигин хаһыс сааскар, ханнык дьаамҥа дуу, ханнык тахсыыга эбэтэр түһүүгэ дуу илдьэ аҕалан баран, аргыһахтаан кэбиһээт, ханна эрэ көппүтүн. Н. Заболоцкай Үгүс киириилээх, тахсыылаах, сыырдаах Адаардаах этэ аартыгым Баал Хабырыыс
3 аат #
Төһө эрэ эксэмпилээр ахсааннаах биир кэмнээх туох эмэ бэчээттэнэн күн сирин көрүүтэ
Нууччалыы Единовременный выпуск в свет (печатного произведения) в определённом количестве экземпляров издание
Оройуон култуурунай олоҕор биир сабыытыйанан хаһыат тахсыыта, типография тэриллиитэ буолтара. АНХ СС. Атын норуоттар литератураларын бастыҥ суруйааччыларын айымньылара сахалыы тылбаастанан тахсыылара улам кэҥээн, сайдан иһэр ХС
4 аат #
Олордуллубут үүнээйи сиэмэтиттэн бастаан үнүгэс быгыыта
Нууччалыы Ростки растений, всходы. [Маайыс:] Быйыл үүнээйи тахсыыта хайдаҕый?
Сиэмэ бөскөйүүтүн уонна тахсыытын түргэтэтэр сыалтан сиигирдиллэр. КММ ОК. Быйыл бурдук тахсыытын дьикти үчүгэй диэххэ сөп. И. Тургенев (тылб.)