ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тыллан

туохтуур

Нууччалыы начинать говорить (о ребёнке). [Оҕобут] тылланан, чыычаах курдук, чууп-чаап диир буолбута

1 туохтуур #

Саҥарар буол, саҥарарга, кэпсэтэргэ үөрэн (оҕо туһунан этэргэ)

Нууччалыы Начинать говорить (о ребёнке). [Оҕобут] тылланан, чыычаах курдук, чууп-чаап диир буолбута

  • Саҥа тылланан эрэр оҕо үгүс тылы сыыһа саҥарааччы. Ити сотору ааһар. Дьиэ к. Оҕо, саҥа тылланаат, остуоруйалары, олоҥхолору, быһылааннаах сырыылар тустарынан тыыннаах номохтору олус таптаан истэр
    ХС

2 туохтуур #

Тугу эмэ гынарга, ханна эмэ барарга бэйэҕинэн көрдөс, тыл көтөх

Нууччалыы Напрашиваться на что-л., проситься куда-л. [Ариша:] Бу бэйэҥ сөбүлэнэн бараҕын дуу, биитэр күүстэринэн ыыталлар дуу? [Клим:] Бэйэм

  • Сөбүлэнэн, тылланан.
    Суорун Омоллоон
  • Луохтуура сотору кэлбитэ, эмп суруйбута, ону Иван Иванович, бэйэтэ тылланан туран, тута баран эмтиэкэттэн аҕалан биэртэ.
    Н. Габышев
  • Хомсомуол Николай Никифоров -- тылланан туран, Сэбиэскэй аармыйаҕа барбыта
    ИИФ ИДЫК

«Т» буукуба