ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыбытык

аат тыл

Нууччалыы предмет, вставленный, вложенный, помещенный внутрь чего-л. или между чем-л., вкладыш

English insertion

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

Туох эмэ иһигэр, икки ардыгар угуллубут, түбэспит атын туох эмэ

Нууччалыы Предмет, вставленный, вложенный, помещенный внутрь чего-л. или между чем-л., вкладыш

  • Остуол да, муоста да бэрээдэктэрэ суоҕа: кумааҕы кыбытыктаах кинигэлэр, сурунааллар, кум-хам тутуллубут, хайа тыытыллыбыт суруллубут лиистэр бэйдиэ ыһылла сыталлара
    Г. Угаров
  • Биир тэҥ, атылыы майгыннаах кэккэ (эйгэ) ортотугар туох-ким эмэ ураты, туора киирбитэ, баар буолбута. Θ Что-кто-л. инородное обладающее совсем иными свойствами. Соппуруоннаах аҕыста оҕоломмуттарын тухары биир да кыыс кыбытыга суох, тура-тура уолланан испиттэрэ
    У. Нуолур
  • Ханнык эмэ оҥоһукка (хол., туттар тэрилгэ, кэтэр таҥаска) тугунан эмэ ураты (өҥүнэн, матырыйаалынан уо. д. а.) киллэһик, аттаһык. Θ То, что вставлено в середину, внутрь чего-л., вставка. Былаачыйабар ойуулаах таҥаһынан кыбытык тигэн уһатан биэрдим

2 аат тыл #

Дьон кэпсэтиитигэр быһа түһэн бэйэ санаатын кылгастык этии

Нууччалыы Реплика, краткая вставка; вмешательство в разговор других

  • Тоойуом, ол эр дьоннор мөккүөрдэригэр эн кыбытык буолума.
    Л. Габышев
  • "Соннук-соннук, биһиги наадабыт итиниэхэ эрэ", - дьиэлээх дьахтар кыбытык түстэ.
    И. Никифоров
  • "Хайа, уонна салалта көрүө, сыаналыа дии", - иккис уол кыбытык түһэ оҕуста
    ХС

3 аат тыл #

кин. Сүрүн тиэкискэ, уус-уран, музыкальнай, литературнай айымньыларга киллэриллибит, быһа тардыыттан, чаҕылхай этиилэртэн турар киллэһик

Нууччалыы Фрагменты из произведения другого автора, вносимые в текст собственного литературного, художественного, музыкального сочинения; вставки, вкрапления; цитаты; отступления

  • Бу икки сэһэннэргэ элбэх лирическэй кыбытыктар бааллара кинилэри бэйэ-бэйэлэригэр майгылатар.
    Н. Тобуруокап
  • П. А. Ойуунускай уонна Суорун Омоллоон драма улахан маастардара буолалларын олоҥхо монологтарын уонна кыбытык ырыалары сюжет сайдыытыгар -- киллэрэллэрэ туоһулууллар.
    ХС
  • Ыстатыйаны көрөрүгэр Владимир Ильич кыбытыктары киллэртээбитэ
    ФЛА ВИЛО

4 этии #

Кыбытыкка киир - атын дьон икки ардыларынааҕы (үксүн үчүгэйэ суох) дьыалаларыгар булкуһан, орооһон, табыгаһа суох балаһыанньаҕа түбэс, киир От татыма бэрт буолан, аһатааччы Сэмэн онто да суох кыбытыкка киирэ сылдьара: биригэдьиирэ кэлэн оту ордук сиэппиккин диэн мөҕөр, оттон ыанньыксыттара буоллаҕына тутумунан тутуһаллара эрэ хаалбыта. С. Федотов

Нууччалыы Оказаться в неприятном, сложном положении, вмешавшись в чье-л. дело

5 этии #

Кыбытык аһаҕас дорҕоон тыл үөр. - бүтэй дорҕоонунан бүтэр олоххо эмиэ бүтэйинэн саҕаланар сыһыарыы эбиллэригэр ол дорҕооннор сэргэстэспэт түбэлтэлэригэр кинилэр икки ардыларыгар эбиллэр кыараҕас аһаҕас дорҕоон Маннык [биир сүһүөхтээх] тылларга тыл кэннинээҕи кэккэлэһэр бүтэй дорҕооннор ыккардыларыгар кыбытык аһаҕас дорҕоон иһиллиитэ симэлийэр. ПНЕ СТ. Кыбытык клетка зоол. - тоноҕоһо суох кыракый харамайдар, холобура гидра, эттэрин тас араҥатыгар баар бөдөҥ ядролаах олус кыракый клетка. Микроскопическая клетка с крупным ядром в наружной части тела у некоторых беспозвоночных животных, (напр., у гидры). Гидра этэ-сиинэ хайдах эмэ эчэйдэр, эмсэҕэлээбэтэр эрэ, бааһырыы чугаһынааҕы кыбытык клеткалар түргэнник улааппытынан бараллар -- уонна баастаах сири түргэнник оһороллор. ББЕ З. Кыбытык тыл (этии) тыл үөр. - сүрүн этии иһигэр саҥарааччы бэйэтин санаатыгар сыһыанын көрдөрөр тыллар эбэтэр тыллар ситимнэрэ. Вводное слово или предложение. Кыбытык тыллар этии атын чилиэннэрин кытта ситимнэрэ суох. СТС. Үөрэнээччилэр сурук бэлиэлэрин туруоралларын сэргэ кыбытык тыллары уонна кыбытык этиилэри аннынан тардаллар. АНВ СТУ

Нууччалыы Узкий гласный, вставляемый между основой слова, оканчивающейся на согласный и окончанием, начинающимся тоже на согласный звук

«К» буукуба