Перевод с якутского
элээн
аат тыл
Нууччалыы полоса или стройный ряд чего-л., выделяющийся цветом, формой на общем фоне
1 аат тыл #
Ханнык эмэ сүрүн баһыйар дьүһүҥҥэ атын өҥүнэн харахха быраҕыллар балаһа, дьураа
Нууччалыы Полоса или стройный ряд чего-л., выделяющийся цветом, формой на общем фоне
көр элгээн. Сөкү күөллэргэ чөҥөрүйэ уолан эрэллэр, арай, күөллэри барыларын холбуур сөкү бэйэтин элээнэ субуллан хаалбыт. А. Фёдоров Суоллар кытыыларыгар, сүөһү хаспыт аҥхайдарыгар, элээннэргэ саҥардыытааҕыта түспүт ардах уута сиргэ ситэ иҥмэккэ, халыйан сытар. А. Бэрияк Анньыылар бары биир элээнинэн бардылар. Чыҥырҕаан, көбүргээн олороллор. Н. Босиков
Өссө холобурдар (1)
Куобах суолунан элээн оҕотунан суолун муннараары туора-маары ойо-ойо кыыһы батыһыннаран барда. УуУЛ. Чаас аҥаара холобурдаах виноград угун элээннэринэн, чымырыыттаах таастарынан уонна кинилэр быыстарыгар үүммүт тамылҕаннарынан дьаарбайдым. М. Лермонтов (тылб.)
2 аат тыл #
этногр. Былыргы саха таҥаһыгар (хол., соҥҥо, кэһиэччиккэ) сырдык дьураа, ойуу, сыһыары тигиллэр киллэһик эбэтэр оноо
Нууччалыы Светлая полоска или вставка из другой ткани на старинной одежде (напр., на пальто, безрукавке-жилетке) якутов
Өлөҥ от үүннээх, манчаары батастаах, кылыс кымньыылаах, көппөх тэллэхтээх, көмүс элээн таҥастаах кылаҕадаһын кыыс сүүрдэн иһэн, иэнинэн түһэн хаалбыт. Саха фольк Кэһиэччик холбоһуктарын санныттан саҕалааҥ, элээнин, уолугун хаппаҕын тигиҥ ААН ТИиК