Перевод с якутского
дьирбии
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы резко выделяющаяся на фоне окружающей среды узкая полоса, линия
1 аат тыл #
Киһи хараҕар тута быраҕыллар сурааһын курдук уһун синньигэс дьураа
Нууччалыы Резко выделяющаяся на фоне окружающей среды узкая полоса, линия
Биллэ хараарбыт дьүдьэх сирэйин дьирбиилэригэр иннэ доҕуутун саҕа быыкайкаан таммахтара мустубуттар. Софр. Данилов. Ыраах өстөөх окуопаларын хара дьирбиилэрэ сыталлар. Т. Сметанин Биһиги иннибитигэр үрүҥ эттээх туоска хара ситии дыргыллан сытарыныы, тунал маҥан эйгэҕэ хара дьирбии буолан, уу харааран көһүннэ ХС
2 аат тыл #
геогр. Өрүстэр, үрэхтэр тардыыларын икки ардыларынааҕы үрдэл
Нууччалыы Водораздел
Икки өрүс дьирбиитэ. Хас биирдии өрүс уу ылынар анал тардыылаах буолар. Өрүстэр тардыыларын кыраныыссата өрүс тардыытын дьирбиитэ диэн ааттанар. САИ ССРС ФГ. Кинилэр быһа охсон ааһыахтаах сирдэрэ, хотуттан соҕуруу диэки субуччу тардыллыбыт булгунньахтар силбиһэ барар арҕастара, Деркул өрүс уонна кини салаата Камышня үрэх дьирбиилэрэ этилэр. А. Фадеев (тылб.) Күн киирээри, арҕаа тыа баһын курдаан турар хара дьирбии былыт кэтэҕэр саһан, былыт үөһээ чэчэгэйинэн быган көрдө. Дьүөгэ Ааныстыырап. Лена мааны кыргыттара – Эһиэхэйдьит долгуттар – Таастаах дьирбии биэрэккэ Тахсан саһан хаалаллар Т. Сметанин
3 даҕааһын #
суолт. Киһи хараҕар тута быраҕыллар уһун синньигэс дьураалаах
Нууччалыы Вытянутый узкой полосой, линией, резко выделяющейся на фоне окружающей среды