Перевод с якутского
ырбыы
аат тыл
Нууччалыы полоса воды между ледяным покровом и берегом перед вскрытием реки, озера и т. п., закраина, водяной заберег, прогалина
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Саас муус барыыта өрүс, күөл, о. д. а. мууһа ирбит, ууламмыт кытыыта, дьуххарбыт уу
Нууччалыы Полоса воды между ледяным покровом и берегом перед вскрытием реки, озера и т. п., закраина, водяной заберег, прогалина
Өрүс ырбыыта кэҥээтэ, муус үрдүгэр чалбахтар килэстилэр. Н. Габышев Күөл кытыыта быһыта сиэһэн, ырбыы үөскээтэ. И. Сосин Ала соболоох күөлүн мууһа көтөҕүллэн улахан ырбыылар таҕыстылар. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
Өрүс кытыл диэки өттө ырбыыта уһун буолан, сүүрүгэ күүстээх эбит Чолбон
2 аат тыл #
Туох эмэ ньуурун икки аҥыы араарар сурааһын, кирбии
Нууччалыы Полоса на поверхности чего-л., разделяющая её на две половины
Хараҥа болдьоҕо дьэ бүтэн, Хайынна саҕах ырбыыта. Р. Баҕатаайыскай Арҕаа халлаан аттыгар сырдык ырбыы хаалан баран сабылынна. М. Доҕордуурап Тыал былыты сүр түргэнник үүрэрэ, халлаан ыраас ырбыыта көрөн турдахха кэҥээн иһэрэ. Г. Николаева (тылб.)
3 аат тыл #
Ханнык эмэ улахан уларыйыылаах кэмнэр арахсар быыстара, быыһык кэм
Нууччалыы Промежуточное время в порубольших перемен, переходный период
Хас ааһар үйэ саҥа үүнэр үйэ сайдыытыгар бөҕө-таҕа акылаат буолан, үйэлэр икки ардыларыгар ырбыылар үөскээбэттэр. ОАП ОДьТС. Саҥа олох ырбыытыгар тардыллан холкуоска үлэлэһэбин ЛНН АДь
4 этии #
Нууччалыы Разводить губы, оголяя зубы (напр., широко улыбаясь или озябнув)
Этиилэр
Ырбыыта ыпсыбат
айаҕын атан, тиистэрин килэтэр (хол.
, улаханнык үөрэн эбэтэр тоҥон) Тэрэпээнэп Харалаампый -- тиийэн кэлэн эттэ -- Ырбыыта ыпсыбакка ымаҥныы-ымаҥныы, Ытыктыыр доҕоругар ыллам Ылдьааҕа. Күн Дьирибинэ. Эмиэ үөҥҥэ тиллэн, ырбыыта ыпсыбакка барда! Күрүлгэн. Тымныы, ырбыы ыпсыбат, ол да буоллар кэпсэтэллэр. В. Маяковскай (тылб.)