Перевод с якутского
ырбыылан
туохтуур
Нууччалыы иметь, образовывать закраины
1 туохтуур #
Ырбыылаах буол, ырбыы таҕыс
Нууччалыы Иметь, образовывать закраины
Үрдүк сирдэргэ күөх от бытыгырыыр, күөллэр муустара ырбыыланар, кус-хаас кэлэр. Н. Якутскай Күөллэр муустара кытыыларынан ырбыыланан баран, таас тэриэлкэ түгэҕинии килбэһийэллэр. ХС Саас, Индигиир ырбыыланнаҕына, эр дьоннор кээчэрэ балыгы муҥхалыыллара. А. Алдан-Семёнов (тылб.)
2 туохтуур #
Дьураа буолан, кирбиилэнэн көһүн
Нууччалыы Образовывать разделительную полосу на какой-л. однородной поверхности
Халлаан сиигэ, салаҥ уус алтанынан сатаан иһэрдибэтэҕинии, ырбыыланан көстөр. М. Доҕордуурап Түннүк диэки көрүөҕү баҕарыллар – халлаан ырбыыланан эрэрэ буолаарай? Ю. Чернов (тылб.)