ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

элээмэ

аат тыл

Нууччалыы ветхая, поношенная одежда, отрепье, обносок

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

эн илдьирийбит туох эмэ таҥас

Нууччалыы Ветхая, поношенная одежда, отрепье, обносок

  • Сонум элээмэтин кэтэн, тирбэҕэ курбунан бүүрэ тардынан кэбистим.
    Амма Аччыгыйа
  • Сүр тиэтэллик куобах суорҕан элээмэтинэн бүрүнэ тардынна.
    И. Гоголев
  • Кыысчаан этэрбэһин элээмэтин устан хадьыктаспыта
    И. Федосеев

2 аат тыл #

Улаханнык алдьаммыт эбэтэр эргэрбит, туһата кыччаабыт мал-сал, эргэ тутуу

Нууччалыы Отслужившая свой срок старая вещь; обветшалое строение. [Кини] Били далаһа элээмэтигэр ыстанан тиийдэ

  • Тымныы, куһаҕан дьиэ элээмэтигэр үһүө буолан олорбуттара.
    Н. Босиков
  • Дириэктэрим, эргэ баҕайы тыы элээмэтэ кытыыга тардыллан турарыгар олороот, күөл ортотун диэки эрдиммитинэн барар
    П. Чуукаар
  • Ордон хаалбыт туох эмэ тобоҕо, тырыттыбыт лоскуйдара, алдьаммыт кээрэтэ. Θ То, что осталось от прежде существовавшего, истёртый остаток, обломок, огрызок чего-л. Саха хотуурун элээмэтин түҥ былыргы төрүттэрбит курыканнар олохторуттан археологтар булбуттарыттан сыаллаатахха, бу сэп өрдөөҕүттэн соторутааҥҥа диэри туттуллубут эбит. ПАЕ ОСС. Хаһан эрэ сабараанньа элээмэлээҕэ ыһыллыбыт, ордубут хаптаһыннарыгар муох үүммүтэ хараҥаҕа барбах көҕөрүмтүйэр.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Ол кэриэтин били куһаҕан да тииспит элээмэтэ сылдьыбыта буоллар уонунан ордук буолуох эбит. “
    Кыым

3 аат тыл #

Бары өттүнэн мөлтөх, үчүгэйдэр ахсааннарыгар киирбэт ким, туох эмэ

Нууччалыы Кто-л., утративший былую силу, сноровку, навыки

  • Чооруоһап суоппар дуома, Чочобуутап тырахтарыыс элээмэтэ, Чуркуоба ханнык эмэ хассыыр, Чуппуруоба сүөсүһүттээн сүөдэҥниир.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Эмэҕирбэт тирэҕим, Эмээхсиним элээмэтэ, Алаадьылаан лаһыгырат, Арыгыта аҕала тарт, Сүүрэн-көтөн лаглаһый.
    С. Тимофеев
  • Оттон биһиги, ханныгын да иһин, дьон элээмэлэрэ буоллахпыт дии. Туох эмэ өлбөт-сүппэт сүбэбитин булуохтаахпыт эбээт
    Р. Кулаковскай

4 этии #

Эр киһи элээмэтэ кэпс. – мөлтөөбүт, кырдьыбыт, күүһүн-уоҕун сүтэрбит эбэтэр ситэ илик эр киһи дуома Оҕонньор, эр киһи элээмэтэ, утуйар таҥаһын салааскаҕа соспут. И. Гоголев.

Нууччалыы Постаревший, немощный или еще не достигший зрелости (мальчуган) горе мужчина, одна видимость

Этиилэр

Туох эмэ кыра үлэтэ ыйан биэрээр

ааны, түннүгү, баҕар хотоҥҥун.

  • Эр киһи элээмэтэ буоллаҕым.
    Н. Габышев
  • “Эр киһи элээмэтэҕин, Исай Ильичкэ иккиэммит аатыттан аҕаҥ туһугар махтан,” – диэтэ ийэм киэһэ.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. тат. алама ‘старый; старьё’

«Э» буукуба