ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

элээннии

Нууччалыы одинаково в ряд друг за другом или шеренгой

1 #

сыһ

  • Алаас ортоку кырдалыгар арҕааттан илин элээннии чэчир анньыллыбыт.
    Р. Кулаковскай
  • Халтаҥ эҥээрдээх сахалыы дьогдьуурдаах, элээннии көмүс, муос тимэхтээх, оноото, кэннэ көмүс симэхтээх сукуна сон. БСИ ЛНКИСО-1994. Үрэххэ элээннии үүнэн турар хахыйахтар таба быатын бытырыыһын курдугунан илибирэччи таҥныбыт буоланнар, үөрэ-күлэ сэргэхтик тэлибирэһэллэр. Н. Тарабукин (тылб.)

2 #

Биир тэҥник кэккэлэччи, сэлэлээн эбэтэр субуруччу

Нууччалыы Одинаково в ряд друг за другом или шеренгой

3 #

Тугу эмэ тула, төгүрүччү

Нууччалыы Вокруг кого, чего-л., окаймляя что-л

  • Дьон бары илии-илиилэриттэн сиэттиһэн, элээннии туран, ыллаан бараллар.
    Суорун Омоллоон
  • Сыанаҕа ыҥырыылаах ыһыах дьоно утуу-субуу мустан бараллар, икки аҥыы элээннии туран күн диэки хайыһаллар
    К. Уткин

«Э» буукуба