Перевод с якутского
кэчигирэс
туохтуур, даҕааһын
Нууччалыы выстраиваться стройными рядами, стройной шеренгой
1 туохтуур #
дьүһ. туохт. Тэҥник кэккэлээ, кэккэлээн, субурҕаланан көһүн (биир суол тэҥ соҕус предметтэр, уруһуйдар эҥиннэр тустарынан)
Нууччалыы Выстраиваться стройными рядами, стройной шеренгой (об однородных предметах, рисунках, орнаментах и др.)
Ыстакаан курдук буор-кунус көһүйэлэр хаптаһыҥҥа кэчигирэспиттэр. Н. Габышев Тэҥ ойуунан барбыт куобахтар суоллара, туой күөс ойуутун курдук, кэчигирэһэ сыталлара Эрилик Эристиин
2 даҕааһын #
Тэҥник кэккэлэспит (биир суол тэҥ предметтэр, уруһуйдар эҥиннэр, кэккэлэрин туһунан)
Нууччалыы Представляющий ровный тесный ряд (об однородных предметах, рисунках, орнаментах и др.)
Кэчигирэс ойуулаах Кэриэн айаҕы Кэскиллээн кэккэлэттилэр.
Өксөкүлээх ӨлөксөйИспиискэ хаатыгар маарынныыр биир тэҥ кэчигирэс суоруу дьиэлэрдээх кыбаарталга кэлэн, Үүйэ алаарыйан хаалла. Л. Попов Эмдэй-сэмдэй кэчигирэс чүмэчи тэтиҥнэр сэбирдэхтэрин сиккиэрэ -- Кыһыллаайы аһаҕас уолугун сөрүүнүнэн даҕайар. Л. Попов
Өссө холобурдар (1)
Бириэмийэлэммит дьахталлары биир-биир ааттаталаан, кэчигирэс, ып-ыраас тиистэрэ сандаарыҥнаһан киирэн бардылар Н. Заболоцкай