Перевод с якутского
сомоҕо
даҕааһын
Нууччалыы целый; неразделимый
English whole, inseparable
Ис хоһооно · 6
1 даҕааһын #
Нууччалыы целый; неразделимый
English whole, inseparable
сомоҕо көмүс золотой самородокgold nugget сомоҕо муус глыба льдаa block of ice
2 даҕааһын #
Нууччалыы объединённый; сплочённый
English united, cohesive
сомоҕо коллектив сплочённый коллективa close-knit team сомоҕо домох устойчивый оборот, идиомаa set phrase, an idiom, a phraseme
3 даҕааһын #
даҕ
Сомоҕо суорба таас ньыгылын Ама уот күллүө үһү дуо? И. Эртюков Куһаҕан сурах -- хайаттан төкүнүтүллүбүт ириэнэх сомоҕо хаар курдук ыраатан, аллараа түһэн истэҕин аайы улаатар быһыылаах. Э. Соколов Баҕалар хоруоптан ыстанан түһэн, иин эркиннэригэр ойуоккалаатылар, сомоҕо буордар кинилэри иин түгэҕэр баттыы түстүлэр. М. Горькай (тылб.)
4 даҕааһын #
Арахсыспакка, бытарыйбакка бүтүннүү кэлим сылдьар (туох эмэ модьуну, кэлимсэни этэргэ)
Нууччалыы Цельный, неотделимый, нераздельный (о чём-л. крупном)
5 даҕааһын #
Хайдыһыыта, ыһыллаҕаһа суох, ыга түмсүүлээх
Нууччалыы Сплочённый, хорошо организованный
Үлэһит кылаас биир сомоҕо буола түмсүүтэ туругурдун! Амма Аччыгыйа Биһиги дьоммут Биир сомоҕо буолан бастаан киирбит [фашист] Баламат күүһүн тулуйбуппут. Саха нар. ыр. III. [Михаил:] Ол кини барбытыттан биһиги мөлтүөхпүт суоҕа, хата, ордук сомоҕо буолуохпут С. Ефремов
6 этии #
Нууччалыы Самородок золота
Сомоҕо көмүс - сиртэн хостонор кыһыл көмүс бөдөҥ куһуоччуга, туорааҕа Сиртэн-буортан сомоҕо көмүстэр, күндү таастар өрө көтөллөрүн курдук, талааннар норуоттан үөскүүллэр.
Суорун ОмоллоонЭһиги билэн эрдэххит дии, сир үрдүгэр төһө улахан сомоҕо көмүстэр көстөллөрүй? Тумарча. Мин хайам Аҕыс хос кырыылаах Сомоҕо көмүстээх. С. Васильев Сомоҕо мас - хайытыллыбатах, бөкүнүк дүлүҥ мас. Θ Обрубок бревна, чурка. Били өлөрбүт табаларын тириитин сомоҕо маска иилэ бырахпыттара. Далан
Өссө холобурдар (8)
Сааба олорор суон сомоҕо маһын мөкүнүҥнэтэр. ХС Сомоҕо олоппос - олорорго сөптөөх төгүрүк кэтит сирэйдээх дүлүҥ. Θ Широкий круглый чурбан, служащий сиденьем. Хаара суох кылгас тыс этэрбэһин, атаҕын атаҕар охсуолаан, тэбэммитэ буолла, бэлэмнэммит сомоҕо олоппоско кэллэ. Болот Боотур Дарыбыан икки өттүнэн уһуктаах хойгуону тобугунан сомоҕо олоппоско ыбылы баттаан, улахан игиинэн аалан кирдиэхтии турда. В. Яковлев Александрдаах эмээхсин аттыгар баран, сомоҕо олоппоско олорон кэбистилэр. М. Доҕордуурап Сомоҕо сирэйдээх - дэгдэгэр имнээх, толору эттээх сирэйдээх. Θ Со скуластым, мясистым лицом. Биир салгыҥҥа хараарчы сиэппит сомоҕо сирэйдээх, модьу көрүҥнээх, төрөл уҥуохтаах киһи тугу эрэ күө-дьаа кэпсии олорор. Болот Боотур Көнө, үрдүк уҥуохтаах, хара бараан сомоҕо сирэйдээх -- көрсүө-сэмэй көрүҥнээх киһи. С. Окоёмов Уһун соҕус сомоҕо эттээх сирэйдээх, арыы саһыл хааннаах -- уҥуоҕунан орто улахан киһи. МНН. Сомоҕо тыл (домох) тыл үөр. көр домох. Холбуу да, сомоҕо да тыллар икки эбэтэр хас да тыл ситимнэһиитинэн үөскүүллэр. АПС СТЛ. Сомоҕо тыл уус-уран литератураҕа айар үлэ ньыматын быһыытынан туттуллар. ННН СТМО. Амма Аччыгыйа бу ["Сааскы кэм"] айымньытыгар сомоҕо домоҕу үгүстүк туттар. ХС Ср. алт. сом ‘форма; контур; контурный; статуя; обтёсанное дерево’