ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

аараан

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы обширный и обжитой (о широких трактах, аласах и др.); шумный, бурный

1 даҕааһын #

Киэҥ-куоҥ уонна киһи-сүөһү тоҕуоруйар, кэлэр-барар; тыастаах-уустаах, дьалхааннаах (хол., аартык, алаас эҥин)

Нууччалыы Обширный и обжитой (о широких трактах, аласах и др.); шумный, бурный

  • Мин үйэм улуу хорук тымырдара буолан, Айгысталлар аараан аартыктар...
    С. Данилов
  • Төгүрүк күөллээх айгыр силик аараан алаастарбыт Тупсаахтыыллар даҕаны сайыны уруйдуу.
    С. Данилов
  • Дохсун тойотторго ким Аараан дыбарыастары тутарай, Оттон бэйэтэ ыыспаҕа олоророй
    ААС

2 аат тыл #

суолт. Тыбыс-тымныы күүстээх ардахтаах тыал

Нууччалыы Холодный, пронизывающий ветер, ненастная погода

  • Үрдүккэ дьулуспатах суох -- Үрдүк сир чэлгиэн буолааччы. Үрүөхтэрэ өксүөннэр, аарааннар.
    С. Тарасов
  • Муора курдук аҕыраабат аарааннардаах, Уҕарыыра биллибэт уорааннардаах...
    ХС
  • Соноҕос оҕотун айанын аарааныгар Айыы сирэ атыйахтыы дьалкыйда
    ХС

«А» буукуба