Перевод с якутского
ама дуо
этии
Нууччалыы выражает само собой разумеющийся утвердительный ответ (употр
1 #
ыан холб
Ама дуо, кинээс кинини кытта урут хаһан бу курдук кэпсэппитэ, “үтүө доҕорум” диэбитэ баарай! Н. Якутскай Ама дуо! Биир дойдулааҕым, үөлээннээҕим наукаҕа саҥа арыйыыларын туһунан уочарка суруйа кэллим Г. Угаров
2 #
“Биллэн турар оннук” диэн бигэргэтэр эппиэти көрдөрөр (диалогка тут-лар)
Нууччалыы Выражает само собой разумеющийся утвердительный ответ (употр. в диалоге; соотв.: как же, конечно, еще бы). - Улууска миигин үчүгэйдик билэллэр. - Ама дуо, [эйигин] билэн ахан буоллаҕа дии
3 #
Саҥарааччы сөбүлээбэт, үгэргиир сыһыанын көрдөрөр
Нууччалыы Выражает неодобрение, иронию говорящего (соотв.: еще бы, а как же)
Ити ичигэстик таҥныбыт чиргэл уолаттар, хата, онуоха кыһамматтар, ама дуо - кинилэр урут олорбуттар. Н. Габышев Ама дуо, доҕоттоор... Аналлаах атыырданан, Аҕыстыыра тараҕай оҕонон Ахталыйаа инибин
П. Ойуунускай