ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

күтүрэн

туохтуур

Нууччалыы быть на подозрении; стать подозреваемым

1 туохтуур #

Туох эмэ буруйга, куһаҕаҥҥа уорбалан; ону эн оҥорбут курдук буол

Нууччалыы Быть на подозрении; стать подозреваемым

  • Кини [Маайа] онно суох суолунан күтүрэнэн, ынырыктаах, суоһар өлүүгэ, этэ-хаана хайдах сэймэктэниэн, үрүҥ күнтэн сүтэрин санаатаҕына, атаҕа сири билбэт буолан хаалар.
    Эрилик Эристиин
  • Буруйа суох суолугар күтүрэнэн, мунчаарыыта, хомолтото уонна абарыыта, баҕар, кини [Сэмэн] ыарыытыгар эмиэ көмөлөспүттэрэ эбитэ буолуо
    Д. Таас

2 туохтуур #

Көҥөнөн ырааҕынан тумна сырыт, тэйиччи тутун; тугу эмэ көрдөһүөхтэрэ диэн куотун

Нууччалыы Сторониться, избегать встречи с кем-л., опасаясь, что начнут одолевать просьбами

  • Байдаххына, күтүрэнэн кэпсэппэт да буолан хаалааччыгын
    В. Ойуурускай

«К» буукуба