Перевод с якутского
сытый
туохтуур
Нууччалыы гнить, портиться
English to rot, to deteriorate
Ис хоһооно · 7
1 туохтуур #
Куһаҕан сыттанан буорту буол, үрэлин
Нууччалыы Гнить, портиться
Бу куһу аны булуустуохха наада. Тута сытыйан хаалар. Далан Чохулар, ардах чиэрбэлэрэ, улиткалар уонна да атын хамныыр-харамайдар өлөн сиргэ сытыйаллар СТЫМ
2 туохтуур #
Үрэлин-сатарый, самнан бар
Нууччалыы Разложиться, деморализоваться, загнивать
Капиталистическай систиэмэ акылаата күн-түүн сытыйан, эмэҕирэн, сиҥнэн түһэн иһэр. С. Данилов Үлэ манна барыта сытыйбыт, Үрэллии-сатайыы иитэ суох тахсыбыт. С. Васильев Буржуазия кылааһа иһиттэн сытыйан эрэрин поэт эрдэ бэлиэтии көрбүтэ СЛ-8
3 туохтуур #
Тыынар тыыннаах тулуйбат үлүгэрдээх усулуобуйатыгар, эрэйгэ, муҥҥа тутуллан өлөр уһукка тиий
Нууччалыы Содержаться в гибельных для живого существа условиях, сгнить, пропасть
Эн биһикки курдуктар, ытыллыбатахпытына, сыылкаҕа сытыйарбыт чуолкай Болот Боотур
4 этии #
Этиилэр
Биир сымыыт ханна сытыйбатаҕай! көр биир
Мин баҕарабын адьырҕалары көрсүөхпүн, Биир сымыыт ханна сытыйбатаҕай?! С. Данилов "Биир сымыыт ханна сытыйбатаҕай" диэн саха киһитэ мүччүргэннээх күнүгэр туттар өһүн хоһоонун өйдөөн ылла. Н. Заболоцкай
Сытыйа бай
сыта бай диэн курдук (көр бай I).
Уол ол харчытынан кулуннаах биэни, үс ынаҕы, биир атыыр кунаны атыыласпыт. Дьэ, онтон ыла сытыйа байан барбыт. И. Гоголев [Кытаховтар саамай силистэрэ] үргүбэтэх бултаах үрэх баһа дойдуга сылгынан, ынаҕынан сытыйа байан олорор. ХС
Өссө холобурдар (1)
Ср. тув. чыды ‘тухни, воняй’, ДТС йыды ‘пахнуть, испускать запах’
5 туохтуур #
Ууга, ардахха, сииккэ илий, уу буол
Нууччалыы Промокнуть (насквозь), намокнуть
Кинилэр начаас үлүгэр баттахтыын, таҥастыын ибили сытыйан хааллылар.
Суорун ОмоллоонТаһыттан Өлөксөөс кыыс киирэн кэлэр, ардахха баттатан, таҥаһа-саба дэлби сытыйбыт. А. Бэрияк Таҥаһым ибили сытыйан, мууһунан хаарыйталыыр. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
Витя ийэтэ тикпит маа бэйэлээх этэрбэһэ сытыйан, төбөтө салтайан таҕыста, ыараан хаалла Н. Заболоцкай
6 этии #
Сыыс от көр от
7 #
эб. Дьүһүннүүр сыһыат туохтуурдары кытта саҥарааччы кыыһыран, сэнээн, аанньа ахсарбат сыһыанын көрдөрөр
Нууччалыы В сочетании с деепричастием на -а выражает пренебрежение, презрение, злобу говорящего
Хара сордоох, аппайа сытыйбыт, абыранныҥ дуо, көр ити? Амма Аччыгыйа Саргы хотууска дьэ хомотто даҕаны! Сарахачыйа сытыйан, барыта киниттэн.
Н. ЛугиновОҥойо сытыйбыт кыараҕас түннүктэринэн күн уота тыккыраан киирэн дьиэ иһин үдүк-бадык сырдатар Ф. Постников