Перевод с якутского
бэчээт
аат тыл
Нууччалыы печать
English printing, print
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
Туохха эмэ (хол., кумааҕыга, сургууска о. д. а.) баттаан суол хаалларарга аналлаах дьөлүтэ быһан оҥоһуллубут анал бэлиэлэрдээх эбэтэр суруктаах төгүрүк эбэтэр муннуктардаах тэрил, уонна ол тэрил баттаммыт суола
Нууччалыы Печать (штамп)
Билигин ыраахтааҕы суох буолбут буоллаҕына, аны кини бэчээтэ да күүһэ суох. Амма Аччыгыйа Суруксут бүтэн, боротокуолугар илии баттатаары, Силтэһинтэн бэчээтин көрдүүр. Күннүк Уурастыырап Октябрина ыскылааттары бэйэтэ илдьэ сылдьар үс сүүс биир нүөмэрдээх тимир төгүрүк бэчээтинэн сургуустаан баран, бэчээттэтэлээн кэбистэ. М. Попов
Өссө холобурдар (1)
Былыр Силип оҕонньор нэһилиэк кинээһэ буола сылдьан кыраамыка суругар илии баттыырын оннугар түөрт муннуктаах бэчээтин туоһунан тордоон баран балтаччы баттаан кэбиһэрэ үһү А. Бэрияк
2 аат тыл #
Бэчээттэммит айымньы; хаһыат, сурунаал
Нууччалыы Напечатанное произведение; периодическое издание (газеты, журналы и т. п.)
Биэс-алта ходьоччу хоһоону Бэчээккэ быктараат, Бэйэҕин бэлиэтээн, Мин аҕай дэнимэ. Күннүк Уурастыырап Периодическай бэчээккэ сурутууну кыбартаалларынан тэрээһиннээхтик ыытарга ПДН ТБКЭ
3 аат тыл #
Туох эмэ буолбутун, дьайбытын бэлиэтэ, суола-ииһэ
Нууччалыы Печать (знак, отпечаток чего-л.)
Кини [аҕабыыт] ааттаабыт аата сороххо, хаатырга бэчээтин курдук, саатар - кыбыстар мэҥ буолан сыстара, сороххо кыһыылаах ымынах курдук, сааһын тухары сүрэҕин уонна суобаһын тарбатар дьаат өлүү буолан иҥэрэ.
П. ОйуунускайКинилэр [бандьыыттар] кирдээх тиҥилэхтэрэ үрүҥ хаар үрдүгэр хара мэҥ бэчээти ууран, сыһыллан-соһуллан барбыт суоллара субу сытара. А. Сыромятникова Күн-дьыл уурбут бэчээтин Эн ыраас дьүһүҥҥэр, Арай хара хараххар Эдэр сааһыҥ көһүннэ И. Чаҕылҕан
4 аат тыл #
Собуот, фабрика оҥоһуктарыгар сыһыарыллар суруктаах, ойуулаах дьаралык
Нууччалыы Этикетка, ярлык наклеиваемые на произведенные заводами, фабриками предметы, товары. [Мундербек] уон бытыылканы биир харчыга сууйан, бэчээтин сыһыаран биэрэрэ үһү
Ити - чэй бэчээтэ кумааҕылар Күннүк Уурастыырап
5 этии #
Бэчээт уоргана - периодическай бэчээт (хаһыат, сурунаал) Бэчээт уорганнарын аптарытыата киэҥник тарҕаныыта сүрүннээн кини суруйбут кириитикэтэ олоххо хайдах киирэриттэн, миэстэтигэр кини сигналларыгар ханнык дьаһал ылылларыттан улахан тутулуктаах. КТУоС
Нууччалыы Периодическая печать