Перевод с якутского
бэчээтинэй
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы печатная сажень
1 аат тыл #
Саһаан устата (2 миэтэрэ 13 сэнтымиэтэр)
Нууччалыы Печатная сажень
Тоҕус уон бууттаах Дьэрэлийэ оонньуур өҥнөөх Дьилэй таас чохооччутун Төлө ыһыктан кэбиспитэ, Тоҕус бэчээтинэй холобурдаах Тоҥ буору күөрэлээн, Ириэнэх буору лээбилээн Тобулу түһэн Этиҥ сүгэтин курдук Элэкис гынан хаалла. П. Ядрихинскай Алта хос тимир килиэ куйахтаах, Аҕыс бэчээтинэй холобурдаах киһи [абааһы уола] Өттүгэстии түһэн сытар
П. Ойуунускай
2 даҕааһын #
суолт. Бэчээттэммит, типографияҕа бэчээттэммит, бэчээтинэй буукубаларынан суруллубут
Нууччалыы Печатный
Маҥнайгы илиис бэчээтинэй буукубаларын үрдүнэн туора бадаалатан Бутуукай кэргэнин ахсаана суруллубут. Амма Аччыгыйа Илиис үөһэ өттүгэр: “Бу суругу сыап устун ыытан ис!”- диэн бэчээтинэй суруктаах. Софр. Данилов. Көр эрэ - ол уолуҥ, сылдьан иһэн суруксут буолан эрэр эбит. Бэчээтинэй суругу тэһиппэккэ ааҕар Болот Боотур
3 этии #
Бэчээтинэй илиис полигр. - кинигэ, сурунаал бэчээттэнэн таһаарыллар кээмэйдэрин мээрэйэ, түөрт уон тыһыынча буукуба кээмэйигэр тэҥнэһэр И. Софронов] доруобуйата мөлтөөбүтүн, күүс-уох аччаабытын өйдүүр быһыылааҕа, онон тиэтэйэр, ону биирдэ эмэ быктаран ааһара. Кини түөрт уон бэчээтинэй илиистээх сэһэни суруйар былааннааҕа. Н. Габышев
Нууччалыы Печатный лист. [А