ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тилиннэр

Нууччалыы вылечивать, поправлять чьё-л. здоровье, ставить на ноги кого-л.

Ис хоһооно · 4

1 #

Ыарахан ыарыыттан эмтээн кими эмэ үтүөрт, атаҕар туруор

Нууччалыы Вылечивать, поправлять чьё-л. здоровье, ставить на ноги кого-л. (после тяжёлой болезни)

  • тилин диэнтэн дьаһ. туһ. Үтүө санаа туохтааҕар да күүстээх, -- Өлөн эрэр биистэри тилиннэриэ, Өлгөм уйгу-быйаҥы үлүннэриэ.
    Болот Боотур
  • Хорутуон олоххо бу саҕаламмыт өлбүтү тилиннэрэр суолталаах уларыйыылартан -- эдэригэр түспүттүү сананар.
    У. Нуолур
  • Ыта киниэхэ этэр: - Өстөөхпүтүн эн тилиннэрдиҥ, аны биһиги хайдах буолабыт? Эвен фольк
Өссө холобурдар (2)
  • Эйигин ол киһи тилиннэрдэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Иван аҕабыыты бары аһыйбыттара да, -- аан дойду үрдүнэн биир да эмтээн тилиннэриэх дуоктар суоҕа. В. Короленко (тылб.)

2 #

Чөлүгэр түһэр, уруккутун курдук гын, оҥор

Нууччалыы Восстановить, возродить (напр., чьё-л. имя)

  • Сүүрбэһис сийиэс кэнниттэн хара балыыртан умсубут хаарыан дьоннорбут үтүө ааттарын тилиннэрдибит.
    С. Данилов
  • Өбүгэлэрбит үгэстэрин тилиннэрэн, үүнэр ыччаты айылҕаны харыстыыр, айылҕаҕа сүгүрүйэр тыыҥҥа иитиэҕиҥ. Софр. Данилов. Водолазтар бэрт улахан сыранан [ууга түспүт] хараабылы көтөхпүттэрэ. Одессаҕа аҕалан тилиннэрэн, сууйан-сотон "Якутия" диэн сүрэхтээбиттэрэ
    ДьДьДь

3 #

Туох эмэ туһалан, төлөбүрдэн (хол., киһи үлэтин, эрэйин этэргэ)

Нууччалыы Иметь какое-л. вознаграждение, оплату (за труд, усилия)

  • "Хаарыан көлөһүммүн Тилиннэриэм мин", - диир.
    Күннүк Уурастыырап
  • Үгүстэр үлэлээн, эллэһэн эрэйдэрин тилиннэрэргэ дьүккүһэллэр. ПАЕ УуАХО. Эрчийдэххэ, үөрэттэххэ уонна элбэхтик үлэлээтэххэ, баҕар, эрэйбитин тилиннэриэхпитин сөп
    ХС

4 #

Урут буолбуту, умнуллубуту өйгөр хос санаа, көбүт

Нууччалыы Вспоминать, воспроизводить в памяти произошедшее когда-то в жизни встречу, событие, Суолга көрсүһэн, дорооболоһон ааспыт күммэр ис сүрэхпиттэн көтөҕүллэн үөрэрим, -- соруйан харахпын симэн үрдүк нөрүөнүн өйбөр тилиннэрэрим

  • Сергей Акимович -- кэтэх тардыстан сытан уруккуну-хойуккуну тилиннэрэн хараҕар киинэ каадырын курдук көрө сытта
    Т. Находкина

«Т» буукуба