ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кэкэ-бука

аат тыл

Нууччалыы поползень

English the Eurasian nuthatch

аат тыл

Тиит умнаһын эргийэ хаама сылдьан үөнүнэн аһылыктанар, мас көҥдөйүгэр уйаланар, кыстыыр кыра бороҥ чыычаах

Нууччалыы Поползень

  • Өрүөстээх бастаах кэкэ-букалар туохтарын эрэ сүтэрэн, көрдүү сатыыр курдук, оҥой-саҥай көрбөхтүүллэр, тиити өрө-таҥнары хатыгыраһаллар.
    Амма Аччыгыйа
  • Тыаҕа сылдьан, кэкэ-бука тииттэри хайдах соруктаах аханнык бэркэ кыһанан-мүһэнэн көрө-истэ сылдьарын киһи үгүстүк көрөөччү.
    Далан
  • Ыраас күннэргэ биһиги ойуурдарбытыгар кыстаабыт улахан татыйыктар, кэкэ-букалар чыыбыгыраһаллара улам хойдор. ББЕ
    З. Ср
Өссө холобурдар (1)
  • тув. көге-буга ‘голубь’

«К» буукуба